Айсен Николаев национальнай бырайыактар олоххо киириилэрин бэрэбиэркэлээтэ
Ил Дархан Айсен Николаев сэтинньи 14 күнүгэр РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактарын олоххо киллэрии хаамыытыгар мунньаҕы ыытта.
«Үлэни түмүктээһини уонна эбийиэктэри үлэҕэ киллэриини кытта сибээстээх ситиһиилэр да, кыһалҕалаах боппуруостар да баалллар. Сыл бүтүөр диэри соруктары толорорго льаһаллары ылыахха наада. Национальнай бырайыактары олоххо киллэрии -– бастатан туран, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин олоҕун хааачыстыбатын тупсарыы», -– диэн Ил Дархан туруоруллубут соруктары толорууну хонтуруоллуулларыгар бырабыыталыстыба чилиэннэригэр сорудахтаата.
Быйыл национальнай бырайыактар чэрчилэринэн Саха сиригэр 27 эбийиэк, ол иһигэр оскуолалар, ууну ыраастыыр тутуулар, мэдиссиинэ уонна успуорт эбийиэктэрэ, Култуура дьиэлэрэ, күргэлэр уонна суоллар, былааннаммыттара. Манна көрүллүбүт уопсай суума — 47,43 миллиард, итинтэн 32,98 миллиарда -– федеральнай бүддьүөттэн.
Өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 44 эрэгийиэннээҕи бырайыак үлэлиир. Кэнники алта сылга Национальнай бырайыактар чэрчилэринэн 300-тэн тахса улахан социальнай эбийиэк тутулунна.
2023 сыллаахха Саха сирэ Национальнай бырайыагы федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһиҥҥэ дойду эрэгийиэннэрин ортолоругар үһүс миэстэни ылбыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: