Айсен Николаев Нам улууһугар халаантан эмсэҕэлээбит ыалга сырытта
Айсен Николаев Нам оройуонун Хатырык сэлиэнньэтигэр Дьяконовтарга сырытта. Элбэх оҕолоох ыалга Ил Дархан халаан кэнниттэн көмө хайдах оҥоһуллубутун билээри таарыйда.
Түөрт оҕолоох Дьяконовтар чааһынай дьиэҕэ олороллор. Муосталарыттан миэтэрэ үрдүктээх уу түспүтүн кэннэ дьиэлэрин куурдууга көмөлөспүттэрэ, онтон чөлүгэр түһэриигэ үп биэрбиттэрэ.
«Кэмигэр көмөлөһөннөр дьиэбитин чөлүгэр түһэрдибит. Көмө хас биирдии ыалга бэриллибитэ диэн бэлиэтиибин. Материальнай уонна үбүнэн толору өйөбүл оҥоһулунна. Ким да болҕомтото суох хаалбата», — диэтэ ыал аҕата Александр Дьяконов.
Ыксаллаах быһыынан-майгынан Дьяконовтарга бүддьүөттэн төлөбүр көрүллүбүтэ. 60 тыһыынча кээмэйдээх материальнай көмөнү, баайдарын-дуолларын сүтэрэн 600 тыһыынча солкуобайы ылбыттара. Ону тэҥэ биир дойдулаахтара, биирдиилээн дьон көмөлөспүттэрэ, бородуукта, инструменнары, таҥаһы биэрбиттэрэ.
«Өрөспүүбүлүкэ өттүттэн, биир дойдулаахтарын, аймахтарын көмөлөрүнэн барытын чөлүгэр түһэрдилэр. Онон билигин дьиэ кэргэн сылаастык бэйэтин дьиэтигэр олорор» , — диэтэ Айсен Николаев.
Санаттахха, Нам улууһугар халаантан 16 нэһилиэнньэлээх пуун эмсэҕэлээбитэ. Дьон олорор дьиэлэрэ, инфраструктура, эбийиэктэр эмсэҕэлээбиттэрэ.
Судаарыстыбаннай былаас ситэриилээх уорганнара олохтоох салайыныы дьаһалталарын кытта субуотунньуктары, куурдууну, өрөмүөнү тэрийбиттэрэ.
Бары халааҥҥа түбэспит дьон төлөбүрдэри ылбыттара, олор суумалара Айсен Николаев сорудаҕынан биэс төгүл үрдэтиллибиттэрэ. Ол курдук, биир киһиэхэ материальнай көмө 5-тэн 10 солкуобайга диэри, баайы-дуолу сүтэрии иһин 20 тыһ. солк. 100 тыһыынчаҕа, сороҕун сүтэриигэ 10-тан 50 тыһ. диэри.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыска:Мария Васильева, СИА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: