Чульман бөһүөлэгэр саҥа аэровокзал уонна аэропорка көмө буолар инфраструктура тутуутун үлэтэ салҕанар. Бу сыл бүтүөр диэри аэропорт үлэҕэ киирэрэ былааннанар.
Билигин үлэ болдьоҕуттан кыратык хаалан иһэрэ бэлиэтэнэр. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Нерюнгри оройуонугар командировкатын кэмигэр эбийиэккэ үлэһит ахсаанын элбэтэн, ыйыллыбыт болдьоҕор үлэни туттарарга соруйда. Бүгүҥҥү күҥҥэ 159 оробуочай уонна 17 инженернэй-тиэхиньиичэскэй үлэһит баар.
«Кэккэ төрүөттэринэн Нерюнгри аэропордун тутуутун үлэтэ өссө биир сылга көһөн биэрбитэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ эбийиэккэ күүстээх үлэ бара турар. Ол эрээри, ыйыллыбыт болдьоҕор үлэ туттарылларын наадатыгар, үлэһит ахсаанын элбэтэр сорук турда. Ол туһунан бэдэрээттиир тэрилтэни кытта кэпсэттибит. «СтройДорСервис» хампаанньа бэйэтин кэмигэр көтөр-түһэрэр балаһаны кылгас кэм иһигэр оҥорон турардаах. Бу да сырыыга соругун толоруо, сыл бүтүөр диэри аэропорт бэлэм буолуо диэн эрэнэбин», — диэн Айсен Николаев этэр.
Эбийиэк билигин 93% бэлэм, оттон служебно-пассажирскай өттө 82% бэлэм турар. Билигин эбийиэктэргэ ис бараанын оҥоро сылдьаллар, тас территорияны тупсараллар.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…