Айсен Николаев Ньурбаҕа байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнигэр сырытта

Share

Бэҕэһээ, сэтинньи 3 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Ньурба улууһугар оробуочай сырыытын кэмигэр анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар байыас дьиэ кэргэнин кытта көрүстэ. 

Ильиннэр дьиэ кэргэн аҕа баһылыктара  — Юрий Петрович хомуурга барыар диэри тэрилтэҕэ суоппардаабыт. Алтынньыга ыҥырыллыбыт уонна билигин  Ростовскай уолбаласка  матырыйаалынай өттүнэн хааччыйар 101-с биригээдэҕэ суоппардыыр. Улахан дьиэ кэргэн амарах ийэтэ Александра Николаевна Ньурбатааҕы дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕолорго көмөлөһөр комплекснай кииҥҥэ педагог-тэрийээччинэн үлэлиир.

Дьиэ кэргэн үс оҕолоох. Улахаттар — Юля уонна Оля устудьуоннар, кыра кыыс Настя төрдүс кылаас үөрэнээччитэ. Александра Николаевна кэргэнин кытта өрүү сибээстэһэрин эттэ, үс саха байыаһын кытта сулууспалыыр эбит. 200 тыһ. солк биир кэмнээх көмөнү ылбыттар. Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев улуус бүддьүөтүттэн  ыҥырыллыбыттарга 80 тыһ. солк, оттон дьиэ кэргэннэригэр 30 тыһ. солк көрүллэрин туһунан иһитиннэрдэ. Ону тэҥэ, үлэлии сылдьыбыт тэрилтэлэрэ көмө оҥороллор.
Айсен Николаев Ильиннэр устудьуон кыргыттарыгар үрдэтиллибит истипиэндийэ төлөнүллүөхтээҕин эттэ. Ону тэҥэ, байыаннайдары өйүүр миэрэ чэрчитинэн тырааныспар нолуогуттан босхолонуохтаахтара ыйылынна. Александра Николаевна иһитиннэрбитинэн, дьиэ кэргэн бааҥҥа кирэдьииттээх эбит. Ол аҕаларын аатыгар сылдьарынан сибээстээн, төлөбүргэ каникул биллэриллибитин туһунан эттэ.
«Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр кирэдьиит төлөбүрүн «тоҥоруу» боппуруоһа  федеральнай таһымҥа быһаарыллар ини диэн эрэбин», – диэн Айсен Николаев быһаарда.  Айсен Николаев Ильиннэр дьиэ кэргэттэригэр бары үчүгэйи, үтүөнү уонна тапталлаах аҕалара, суон дурдалара этэҥҥэ эргиллэн кэлэригэр баҕарда. Ил Дархан дьиэ кэргэҥҥэ ноутбук бэлэхтээтэ. Ыал кыра оҕотугар Настяҕа үөрэҕэр ситиһиилэри баҕаран туран туттарда.

Андрея Сорокин (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

14 часов ago