Айсен Николаев: «Оройуоннар икки ардыларыгар авиарейстэри субсидиялааһыҥҥа эбии федеральнай үбү биэрии боппуруоһа көрүллэр»
Саха сирин баһылыга Айсен Николаев видеокэмпириэнсийэ сибээһинэн РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев ыыппыт «Аврора» авиахампаанньа үлэтин туһунан сүбэ мунньахха кытынна.
Мунньахха Уһук Илиҥҥи «Аврора» авиахампаанньа бары көрдөрүүлэринэн үтүө түмүктээх, ол иһигэр пассажирдары таһыыга, үп өттүнэн сүрүн көрдөрүүлэргэ, араспысаанньаны чопчу тутуһууга. Маныаха «Якутия» авиахампаанҥьа бүттүүн Уһук Илиҥҥи авиахампаанньа рейстэрин 40 бырыһыантан ордугун толорор», — диэтэ Саха сирин баһылыга Айсен Николаев.
Кини өрөспүүбүлүкэ былааһын кытта сөбүлэһиннэриллибит эрэгийиэн иһинээҕи авиарейстэри субсидиялааһын туһунан РФ Бырабыыталыстыбатын уурааҕын барыла көрүллэрин эттэ.
Айсен Сергеевич Уһук Илин эрэгийиэннэригэр дойдуга оҥоһуллубут сөмөлүөттэр түргэнник кэлэллэригэр эрэнэллэр. Кини Петербурдааҕы экэниэмикэ пуорумугар «Туполев» ПАУо-ну кытта бииргэ үлэлииргэ сөбүлэһии түһэрсиллибитин санатта, онон өрөспүүбүлүкэҕэ «Якутия» авиахампаанньа авиапааркатыгар анаан дойдуга оҥоһуллубут 12 магистральнай салгын суудуната 2030 сылга диэри кэлиэҕэ. Николаев салгын суудуналарын өрөмүөнэ тупсуо, дьону таһыы элбиэ диэтэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: