Айсен Николаев отчуттар мобильнай биригээдэлэрин күүскэ өйүүргэ сорудахтаата
Саха сирин баһылыга Амма улууһугар сырыытын кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ сүөһү аһылыгын хампаанньатыгар анаммыт сүбэ мунньаҕы ыытта.
Ил Дархан ыраах учаастактарга оттуу барар мобильнай биригээдэдэри өйүүргэ сорудахтаата.
СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин туһунан дакылаатыгар эппитинэн, быйыл 459307 туонна от кэбиһиллиэхтээх (15 %), 23885 т сиилэс угуллуоҕа, 12876 т сенаж бэлэмнэниллиэхтээх. Аллайыаха, Эбээн Бытантай, Кэбээйи, Дьааҥы, Өймөкөөн, Горнай уонна Бүлүү оройуоннарыгар оттуур сирдэр ууга сыталлар. Ону тэҥэ 13 оройуоҥҥа аһыҥа ыста.
Мунньахха Амма, Горнай, Чурапчы, Ньурба, Сунтаар, Таатта, Нам, Мэҥэ Хаҥалас улуустара уонна Дьокуускай к. салайааччылара оттооһун туһунан иһитиннэрдилэр.
“Сүөһү аһылыгын оҥорон таһаарыыны сайыннарыы” хос бырагыраама чэрчитинэн муниципальнай бырагыраамалар үбүлээһиннэрин уопсай кээмэйэ 356 мөл солк., ол иһигэр 175 мөл солк. судаарыстыба бүддьүөтүттэн, 19 муниципальнай тэриллии уонна Дьокуускай к. консолидированнай бүдьүөтүттэн – 181 мөл солк. көрүллүбүт.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: