Айсен Николаев Патриарх Кирилл приемугар сырытта

Айсен Николаев Патриарх Кирилл приемугар сырытта

05.12.2022, 12:18
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, ахсынньы 4 күнүгэр, Сибэтиэй Боҕоруодьусса Кириэмил Успенскай соборугар храмҥа киирбитин бырааһынньыгар Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 390 сылынан  литургия ыытылынна. Ол кэнниттэн Ил Дархан Айсен Николаев Москубатааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы Сибэтиэй Патриарх Кирилл приемугар  сырытта.

Москуба Кириэмилин Успенскай соборугар сулууспа ыытыллыбытын уонна Патриарх Кирилл  өрөспүүбүлүкэни өйүүрүн иһин саха норуотун аатыттан Айсен Николаев махтанна. Кини Саха сирэ сайдарыгар Нуучча Православнай Таҥаратын дьиэтэ улахан оруоллааҕын бэлиэтээтэ.

«Дьокуускайдааҕы епархияҕа болҕомто ууран, литургия ыытар бириэмэ булбуккар, биһигинниин бииргэ үөрүүбүтүн-көтүүбүтүн тэҥҥэ үллэстибиккэр саха норуотун аатыттан махтанарбын көҥүллээ. Эн ыллыктаах тылыҥ-өһүҥ Саха сирин олохтоохторугар ордук суолталаах. Бүгүн биһиги уустук кэмҥэ олоробут. Ол гынан баран, өскөтүн биһиги бэйэбит итэҕэлбит күүстээх, санаабыт ыраас буоллаҕына, эрэнэбин, биһиги судаарыстыбабытыгар, норуоттарбытыгар уонна таҥарабыт дьиэтигэр барыта үчүгэй буолуо. Саха сирэ – билиҥҥи буола турар быһыыга-майгыга Уһук Илин эрэ буолбакка, бүтүн дойдуну өрө тардар локомотив буолар кыахтаах эрэгийиэннэртэн биирдэстэрэ. Экэниэмикэ сайдыыта, киһи хапытаалын үрдүк таһыма уонна духуобунай сиэр-майгы сыаннастара итиннэ бигэ тирэҕи үөскэтэллэр», – диэтэ Айсен Николаев.

Москубатааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы Сибэтиэй Патриарх Кирилл норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыылары бөҕөргөтүүгэ өрөспүүбүлүкэ салалтатын кылаатын үрдүктүк сыаналаата уонна эрэгийиэн экэниэмикэтин кэлимник сайыннарыы Саха сирин олохтоохторун олоҕун хаачыстыбата үрдүүрүгэр сабыдыаллыаҕар эрэнэрин биллэрдэ.

«Өрөспүүбүлүкэ урукку да, билиҥҥи да салалтатыгар улаханнык махтанабын. Бүгүн Саха сиригэр олох салҕанарыгар, экэниэмикэни сайыннарыыга, инфраструктуратын тупсарыыга икки норуот хардарыта алтыһыытын көдьүүһэ, бастатан туран, норуот икки өттүттэн үтүө сыһыаныгар олоҕурбутун кытта сибээстээх», – диэн бэлиэтээтэ кини.

Патриарх Саха сирин нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар улахан болҕомто ууруллуо диэн бэлиэтээтэ. Ол өрөспүүбүлүкэ чэчирии сайдарыгар кыаҕы биэриэ. Онно айылҕа баайын-дуолун харыстааһын уонна итиннэ тирэҕирэн бырамыысыланнаһы, инфраструктураны, култуураны сайыннаран дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыы соруга турар.

Көрсүһүүгэ Нуучча Православнай Таҥаратын дьиэтин уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин икки ардыгар бииргэ үлэлэһии Сөбүлэҥин олоххо киириитин, Дьокуускайдааҕы епархия үлэтин дьүүллэстилэр.

Дьокуускайдааҕы епархияҕа улахан болҕомто ыччаты кытары үлэҕэ ууруллар. «Православнай Саха сирэ» ыччат хамсааһына, «Эдэр Саха сирэ» православнай байыаннай-патриотическай кулууп үлэлииллэр. Быйылгы Сибэтиэй-Иннокентий пуорумугар Саха сириттэн эрэ буолбакка, Биробиджантан, Магадантан, Читаттан, Хабаровскайтан, Камчаткаттан, Сахалинтан уонна Санкт-Петербуртан кэлэн кыттыбыттара.

Дьокуускайдааҕы епархия сахалыы уонна хотугу сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын тылларынан «Саҥа Кэс Тылы» («Новый Завет»), «Эргэ Кэс Тылы» («Ветхий Завет») тылбаастыыр.

Андрей Сорокин хаартыскалара (СИА)

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: