Хаартыска: sakha.gov.ru
СӨ Ил Дархана, «Энергетика» хайысхатыгар РФ Госсэбиэтин хамыыһыйатын бэрэссэдээтэл Айсен Николаев «Газпром газомоторное топливо» ХЭУо генеральнай дириэктэрин Сергей Комисаровы кытта көрүстэ.
Көрсүһүү сүрүн тиэмэтинэн гаас мотуорун уматыгын эйгэтин сайдыыта уонна бу хайысханы өйөөһүн дьаһаллара буоллулар.
Айсен Николаев уонна Сергей Комиссаров итини таһынан гааһынан сапыраапкалыыр инфраструктура сайдыытын туһунан дьүүллэстилэр, бу эйгэҕэ Саха сиригэр үлэлиир хампаанньалар былааннарын, саҥа ыстаансыйалар тутуллууларын боппуруоһун көрдүлэр.
Гаас мотуорун уматыгын (ГМТ) ырыынага сайдыыта дойду экэниэмикэтигэр олус улахан суолталаах.
Уматыгы туттуу тырааныспар-логистическай ороскуоту кыччатан, урбаанньыттарга да, боростуой дьоҥҥо да экономиялыылларыгар көмөлөһөр: биирдиилээн уонна кууһунан эргиниигэ сабыдыаллыыр. Ону таһынан гаас мотуорун уматыгын туһаныы тулалыыр эйгэҕэ дьайыыта, экологияҕа оҥорор содула кыччыыр. Көрсүһүүгэ эрэгийиэннээҕи былаастар бэйэлэрин өттүлэриттэн бэйэлэрин таһымнарыгар бу үлэҕэ кыттыһарга бэлэмнэр диэн бэлиэтэннэ.
Санатан эттэххэ, Петербурдааҕы аан дойдутааҕы гаас пуорума – бу аан дойдуга уонна Арассыыйаҕа биир сүрүн тэрээһининэн буолар. Пуорум Санкт-Петербурга алтынньы 8-11 күннэригэр ыытыллар.
Тэрээһин гаас бырамыысыланнаһын бары хайысхатын хабар, ол курдук чинчийии уонна хостооһун, тиэйии-таһыы уонна харайыы, таҥастааһын уонна туһаныы киирэр. Ону таһынан экология өттүнэн куттал суох буолуута уонна туруктаах сайдыы боппуруостара дьүүллэһилиннилэр.
Кэбээйи улууһун суутун уурааҕынан оройуон биир нэһилиэгин олохтоохторо РФ Холуобунай кодексатын 166 ыстатыйатын 2 чааһын…
Бүгүн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров М.К. Аммосов аатынан ХИФУ үөрэтэр научнай киинин…
Билигин үгүс киһи чугас дьоммутугар Саҥа дьылга тугу бэлэхтиибит диэн толкуйдаах сылдьар буолуохтаах. Саҥа дьылга…
СӨ Үп министиэристибэтин кэлэктиибэ байыаннай дьайыы бэтэрээнин, «Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара» бырагыраама кыттыылааҕын, билигин…
"Саҕынньахтаах селедка" салааты Саҥа дьылга сөбүлээн оҥоробут. Ол эрээри, бу салааты атыннык эмиэ оҥоруохха сөп…
Ырыаһыт Виталий Очиров хатыыс хабаҕынан туһаныы туһунан видеота социальнай ситимнэринэн тарҕанна.