Ил Дархан Айсен Николаев байыаннай эпэрээссийэ ыытыллар сиригэр пилота суох көтөр аппарааттар исписэлиистэрин бэлэмниир салаа дьарыктыыр полигонугар сырытта.
Ил Дархаҥҥа байыаннай көтөр аппарааттар холобурдарын көрдөрдүлэр, киин курсааннарын үөрэхтэрин хаамыытын билиһиннэрдилэр.
“Тустаах салааҕа Саха сириттэн элбэх курсаан уонна инструктор баар. Оператордар үөрэҕи көмпүүтэргэ ааһаллар, онтон быраактыкаҕа номнуо полигоҥҥа пилота суох аппарааттары көтүтүү сатыбылын ылаллар. Уопуттаах аппыһыардар салалталарынан байыастар тэтимнээх дьарыктара төһө кыалларынан байыаннайга чугас усулуобуйаҕа ыытыллар, — диэн дьарыктанар полигон биир инструктора кэпсиир, — биһиги инструктордарбыт байыаннай усулуобуйаҕа пилота суох көтөр аппарааттары туһаныы саҥа тактическай ньымаларын хото үллэстэллэр. Дроннар утарсааччыларга улахан хоромньуну таһаараллар”.
Үөрэх киинин бүтэрбиттэр байыаннай салааны букатын саҥа таһымҥа таһаарбыттарын быраактыка көрдөрөр. Чуҥнааһын түмүгэ, сыалы булуу уонна ытыы уотун көннөрөн биэрии биллэ үрдүүр. Пилота суох аппарааттар оператордара үөрэх кэнниттэн эбийиэги, ВСУ салааларын күүстэрин, тиэхиньикэтин табыыга маастарынан буолаллар.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сэтинньи 1 күнүттэн Дьокуускай-Аллараа Бэстээх маршрутунан салгын олбохтоох суудуналарынан таһыы тарыыба 3000 солк. буолар. Бу…
Кыһыҥҥы ыйбытыгар үктэннибит. Былыр өбүгэлэрбит айылҕаҕа чугас буолан, күнү-дьылы кэтээн көрүүлэрэ күүстээҕэ, олоҕу кытары ситимнээҕэ.…
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…
ХОЙ Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт.…
Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүгэр үгүс оройуоннарынан хаар түһэрэ күүтүллэр. Хотугулуу-илин өттүгэр сөҥүүтэ суох. Кыра…
Сэтинньи саха саамай сүгүрүйэр ыйа -- өбүгэ Байанайы кытта ыкса сибээстиирэ. Махталлаах булчукка Байанай хара…