Айсен Николаев РФ бэрэсидьиэнин этиилэрин олоххо киллэрэр соругу туруорда
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн бырабыыталыстыба салалтатын уонна Ил Дархан, Бырабыыталыстыба дьаһалтатын кытары пленарнай мунньахха РФ бэрэсидьиэнэ Федеральнай мунньахха Анал этиитинэн өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын чилиэннэригэр кэккэ сорудаҕы биэрдэ.
—Саха сирин, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун интэриэстэрэ учуоттаныахтаахтар. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ эппит сорудахтарын суһаллык үлэлиэтиэххэ наада, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээн эттэ.
Кини дойдуга биэс национальнай бырайыак: «Дьиэ кэргэн», «Арассыыйа ыччата», «Каадырдар», «Уһун уонна көхтөөх олох” уонна “Чахчылар экэниэмикэлэрэ” саҕаланарын туһунан эттэ. Бырайыактар дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтөргө, оҕо төрөөһүнүн элбэтэргэ, уһун үйэлэниигэ, эдэр көлүөнэни өйөөһүҥҥэ, үөрэхтээһини уонна экэниэмикэ үрдүк технологиялаах эйгэлэрин сайыннарыыга ананаллар.
Ураты болҕомто тыа сирин кыһалҕаларыгар, ону таһынан доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрин тутууга уонна өрөмүөннээһиҥҥэ ууруллуоҕа. “Чахчылар экэниэмикэлэрэ” национальнай бырайыак дойдуга сыыппаралаах технологиялары сайыннарарга биир кэлим соруктары быһаарыыны хааччыйыаҕа. Ону олоххо киллэрэргэ 700 миллиард солкуобай көрүллүөҕэ.
Дойду бэрэсидьиэнэ дойдуга дьадайыы кыһалҕата сытыытык турарын бэлиэтээбитэ. Бу кыһалҕа дойду нэһилиэнньэтин 9-тан тахса бырыһыанын таарыйар, онтон элбэх оҕолоох ыаллар ортолоругар дьадьайыы таһыма 30-ча бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр. Владимир Путин 2030 сылга диэри дьадайыы таһымын 7 бырыһыантан итэҕэһэ суох аччатарга сорудахтаата.
-Дойду бэрэсидьиэнэ 2030 сылга хамнас алын кээмэйин икки төгүл кэриҥэ – 35 тыһыынча солкуобайга диэри улаатыннарар соругуру туруорар, — диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ байыаннай эпэрээссийэ бэтэрээннэрин өйөөһүн саҥа дьаһалларын быһаарбытынан, Ил Дархан Дьокуускайга уонна муниципалитеттарга ипотека кирэдьиитин уонна сир учаастагын биэрэргэ төһө наадыйыы баарын быһаарарга сорудахтаата.
Айсен Николаев 2025 сылтан “Тыа сирин култууратын үлэһитэ” бырагыраама үлэлиэхтээҕин, тыа сиригэр, кыра куораттарга баран үлэлиир исписэлиис биир мөлүйүөн суумалаах биир кэмнээх төлөбүрү ылыахтааҕын туһунан иһитиннэрдэ.
Эрэгийиэн баһылыга Арассыыйа бэрэсидьиэнин саҥа соруктарын уонна көҕүлээһиннэрин учуоттаан, үпкэ алта сыллаах кэскиллээх былааны оҥоруу уонна судаарыстыба бүддьүөтүн көннөрүү наадатын ыйда.
—Бэрэсидьиэн 2028 сылга диэри оробуочай идэлээх мөлүйүөн кэриҥэ исписэлииһи бэлэмнииргэ сорудахтаата. Онон сибээстээн, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата норуот хаһаайыстыбатын араас салаатыгар оробуочай каадырдарга наадыйыы көрдөрүүтүн саҥаттан бэлэмниэхтээх, орто үөрэхтээһин тэрилтэлэрин үлэлэрин уларытан, бу сорудаҕы толорорго туһуланыллыахтаах, ону сэргэ уһуйааннары, оскуолалары олохтоохтук өрөмүөннээһин бырагырааматыгар тустаах үлэни ыытаргытыгар көрдөһөбүн”, — диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан маны сэргэ мунньахха дойду технологическай суверенитетыгар, геологическай чинчийиилэри сайыннарыыга, Саха сирин соҕуруу уонна арҕаа өттүлэригэр бырамыысыланнай ипотеканы кэҥэтэргэ хайысхаланар кэккэ дьаһаллары бэлиэтээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: