Кэпсэтии кэмигэр Ил Дархан Саха сирэ алмааһы, таас чоҕу, кыһыл көмүһү, үрүҥ көмүһү, сурьманы уонна углеводородтары хостооһуҥҥа Арассыыйаҕа инники күөҥҥэ сылдьарын эттэ. 2022 сылга бырамыысыланнай оҥорон таһаарыы индексэ 110,1% буолан, өрөспүүбүлүкэ бу көрдөрүүнэн РФ субъектарын иһигэр ахсыс миэстэҕэ тахсыбыт.
Туһалаах баай-дуол саппааһын хаҥатыыга уонна бырамыысыланнаһы күүскэ сайыннарыыга, өрөспүүбүлүкэ минеральнай-сырьевой базаны улаатыннарыыга пилотнай эрэгийиэн буоларга этии киллэрбит. Үбүлээһин кээмэйэ улаатыыта эрэгийиэҥҥэ саҥа кэскиллээх былаһааккалар тустарынан чахчылары үөрэтиигэ, булууга төһүү күүһүнэн буолуоҕа. 2022 сыл түмүгүнэн, Саха сирин геологоразведкатыгар 50 млрд солк. угуллубут.
Маны таһынан Айсен Николаев уонна Александр Козлов баһаар сезонугар бэлэмнэнии туһунан кэпсэттилэр. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга үбүлээһин кээмэйэ улаатан, иллэрээ сыллааҕыны кытары тэҥнээтэххэ, былырыын ойуур баһаардарын кээмэйэ 14 төгүл намтаабытын бэлиэтээтэ.
2023 сылга ойууру харыстааһыҥҥа федеральнай бүддьүөттэн субвенция кээмэйэ 2022 сыллааҕы туругунан хаалбыт. Авиационнай кэтээн көрүүгэ хантараактар түһэрсиллибиттэр. Билиҥҥитэ 260 тиэхиньикэ бэлэм турар. Өрөспүүбүлүкэ бары оройуоннарыгар баһаарынай сулууспа штаты таһынан бөлөхтөр тэриллибиттэрин Ил Дархан иһитиннэрдэ.
Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…
Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх, Хатас…
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…
Билигин электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…
Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…
Өрөспүүбүлүкэҕэ 2024 сылга уопсайа 193,76 МВт кыамталаах 14 хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр диэн ОДьХК уонна энергетика…