Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Саха сирэ – модун дойду биир тэтимнээхтик сайдар эрэгийиэнэ, Уһук Илиҥҥи уокурукка экэниэмикэ, социальнай эйгэ үгүс салааларыгар инники күөҥҥэ сылдьар. Манна бөдөҥ инвестиционнай бырайыактары, социальнай бырагыраамалары ситиһиилээхтик олоххо киллэрэбит, инфраструктураны тупсарабыт, үөрэх, наука эйгэтин, ураты култуурабытын утумнаахтык сайыннарабыт, духуобунай сыаннастары бөҕөргөтөбүт.
Быйыл Саха сирэ Россия судаарыстыбатын састаабыгар киирбитэ 390 сылын уонна Саха АССР 100 сылын бэлиэтиибит. Федеральнай киин уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэрин суотугар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 100 дьоһун суолталаах эбийиэги тутуохпут. Аныгы балыыһалары, оскуолалары, уһуйааннары, култуура дьиэлэрин, успуорт комплекстарын, суоллары, муосталары, о.д.а. Олор баһыйар аҥаардара үлэҕэ киирдэ. Саха сиригэр үбүлүөйдээх сылга төрөөбүт оҕоҕо “100 сыл оҕото” тус сыаллаах хапытаал туттарыллар.
Судаарыстыбаннас күнэ – элбэх омуктаах Саха сирин норуоттарын сомоҕолоһуутун бырааһынньыга. Үбүлүөйдээх сылга саҥа саҕахтары арыйан, төрөөбүт түөлбэбит, дойдубут чэлгийэ сайдарын туһугар салгыы айыахпыт-тутуохпут. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторун таһаарыылаах үлэлэринэн, уопсастыбаннай олоххо көхтөөх кыттыыларынан, патриотизмнарынан бары туруоруллубут сыаллары ситиһиэхпит, тапталлаах Аҕа дойдубут туһугар ыра санааларбытын олоххо киллэриэхпит!
1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр ылыныллыбыт Саха сирин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан декларация – өрөспүүбүлүкэ федерация субъегын, Улуу Россия быстыспат сорҕотун быһыытынан сайдыытын биир сүрүн кэрдиис кэмин туоһулуур устуоруйа докумуона. Саха автономиятын төрүттээбит Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Исидор Бараахап уонна да атын чулуу дьоммут түстээбит ураты сыаннастарын чөл хаалларарга уонна элбэтэргэ төһүү күүс буолбут Бастакы Президеммитигэр Михаил Николаевка уонна кини биир санаалаахтарыгар махтанабыт. Хотугу дойду инники дьылҕатын быһаарбыт дьаһаллар кэмигэр уонна сөпкө ылыныллыбыттарын кэм-кэрдии дьэҥкэтик көрдөрдө.
Күндү доҕоттор! Бу бэлиэ күн эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, уҕараабат эрчими, бары саҕалааһыннаргытыгар ситиһиини, этэҥҥэ буолууну уонна дьолу-соргуну баҕарабын! Уруй –айхал!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…