Айсен Николаев: “Саха сирэ Арассыыйа 15 улахан бүддьүөттээх эрэгийиэнин ахсааныгар киирдэ”
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Якутия 24 каналга “Якутия, вперед!” биэриигэ кыттан ааспыт ый түмүгүн таһаарарыгар, Саха сирэ Арассыыйа 15 улахан бүддьүөттээх эрэгийиэнин ахсааныгар киирбитин ыйда.
Чуолаан бүддьүөт туһунан ыйытыыга хоруйдууругар судургута суох кэмҥэ ылыллыбытын, арҕааҥҥы хааччахтааһынынан дойду хайдах усулуобуйаҕа олорорун көрөбүт диэн бэлиэтээтэ. “Ол да буоллар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ Арассыыйа бүддьүөтүгэр курдук социальнай хайысхалаах. Биһиги бүддьүөппүт социальнай сыһыанын чааһын хааллардыбыт. Бүддьүөт кээмэйэ улахан, Арассыыйа саамай 15 бөдөҥ бүддьүөттээх эрэгийиэннэрин кэккэтигэр киирэр. Ороскуотун чааһа 332 млрд. солк.” – диэн Ил Дархан эттэ.
Айсен Николаев быһаарбытынан бүддьүөт 45 % быһаччы хамнас төлөбүрэ, социальнай эйгэ, чэпчэтии, төлөбүр буоларын иһитиннэрдэ. Хомунаалынай комплекс, энэргиэтикэ эмиэ балачча миэстэни ылалларын ыйда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: