Айсен Николаев: “Саха сирэ, инниҥ диэки!” каадыр куонкуруһа өрөспүүбүлүкэ салайар хамаандатын тэрийэргэ көмөлөһөр

Share

Ханнык баҕарар уопсастыбаны хамсатар күүһүнэн – дьон, кинилэр идеялара уонна норуоттарын туһугар үлэлиир баҕа санаалара буолар. Саха сиригэр талааннаах дьон элбэх, биһиги сүрүн сорукпут – кинилэр сайдар кыахтарыгар усулуобуйаны тэрийии.

Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ салайар хамаандатын тэрийэргэ көмө буолар “Саха сирэ, инниҥ диэки!” каадыр куонкурсугар кыттарга ыҥырыы таһаарда.

«Биһиги Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһинин – “Каадырдар” национальнай бырайыагы ис сүрэхпититтэн өйүүбүт, бу бырайыак, Арассыыйа экэниэмикэтигэр үрдүк таһымнаах исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ туһуланар. Оттон «Саха сирэ, инниҥ диэки!» каадыр куонкурса хас биирдии кыттааччыга бэйэтин холонон көрөрүгэр уонна тус уонна профессиональнай өттүнэн сайдарыгар кыаҕы биэрэр. Куонкурус уһун болдьохтоох каадыр стратегиятын дьоһуннаах түһүмэҕинэн буолар уонна өрөспүүбүлүкэ күүстээх салайар хамаандатын тэрийэргэ көмөлөһөр. Куонкурус түмүгүнэн бастыҥнарынан билиниллибит 25 кыттааччы салайар каадыр солбугар киириэхтэрэ», — диэн Айсен Николаев этэр.

Ил Дархан төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит туһугар үлэлиир-хамсыыр кыахтаах, баҕалаах дьоҥҥо тоһоҕолоон эттэ: «Өскөтүн эһиги төрөөбүт өрөспүүбүлүкэҕитигэр сөптөөх олох усулуобуйатын тэрийэргэ, туох баар күүскүтүн-уоххутун биэрэн туран үлэлииргэ бэлэм, дьону угуйар, түмэр, салайар кыахтаах буоллаххытына – кыттыҥ!».

Куонкуруска кыттарга сайаапкалары 2024 с. атырдьах ыйын 1-31 күнүгэр диэри Якутиявперед.рф сигэнэн биэриэххитин сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago