Салгыы
Ил Дархан Айсен Николаев Саха сиригэр Ийэ күнүнэн эҕэрдэлиир

Ил Дархан Айсен Николаев Саха сиригэр Ийэ күнүнэн эҕэрдэлиир

Ааптар:
15.10.2023, 10:42
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Саха сиригэр Ийэ күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Бүгүн биһиэхэ олоҕу бэлэхтээбит, кыһамньытын уурбут, тапталынан бүөбэйдээбит дьоммутугар — ийэлэрбитигэр улахан махталбытын тиэрдэбит. Саамай күндү киһи — ийэ. Күндү ийэлэр, эһиги уһулуччулаах бэриниилээххитинэн, муударай өйгүтүнэн-санааҕытынан, муҥура суох тулуургутунан биһиги олохпутугар дьиҥ дьоруойдарынан буолаҕыт. Эһиги биһиэхэ, оҕолоргутугар бастакы учууталбытынан көмүскээччилэрбитинэн уонна бастакы доҕотторбутунан буолаҕыт. Эһиги иитиигит, кыһамньыгыт биһиги майгыбытыгар-сигилибитигэр уонна киһи быһыытынан үүнэн-сайдан тахсарбытыгар улахан оруоллаах. Биһиги атахпытыгар турарбытыгар, ситиһиилээх буоларбытыгар эһиги тапталгыт, итэҕэлгит бигэ тирэх буолар.

Ийэ буолуу — үрдүк эппиэтинэс. Оттон дьиэ кэргэн — сүрүн сыаннаспыт. Быйыл үһүс уонна онтон элбэх оҕо төрөөтөҕүнэ өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьиэ кэргэн» ийэ хапытаалын кээмэйин икки төгүл улаатыннарарга быһаарыы ылылынна. Бүгүҥҥү күҥҥэ 17 тыһыынчаттан тахса ыал өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын сэртипикээтин ылла. Маны сэргэ, «Үйэ оҕолоро» өрөспүүбүлүкэтээҕи тус сыаллаах хапытаалы ылаллар.

Дьахталлар доруобуйаларыгар өрөспүүбүлүкэҕэ улахан болҕомто ууруллар. Чэбдигирдэр үлэлэр, профилактическай көрүүлэр тиһиктээхтик ыытыллаллар, диспансеризация хаачыстыбата үрдүүр. Эдэр ийэлэргэ анаан оскуолалар үлэлииллэр. Мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр аһаҕас аан күннэрэ, доруобуйаҕа аналлаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.

Күндү ийэлэр, эһиги дьиэ кэргэттэргитигэр бигэ тирэх, өйөбүл буолаҕыт. Үлэҕит-хамнаскыт, кыһамньыгыт үрдүктүк сыаналанар.

Эһиэхэ дьолу, доруобуйаны баҕарабын! Саха сиригэр Ийэ күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С.Николаев

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: