Айсен Николаев: «Саха сиригэр мөлүйүөн ахсааны аҕалбыт кыысчаан ийэтэ Туймаада ыһыаҕар күндү бэлэҕи уунна»
Суруналыыстар Ил Дарханы кытта көрсүһүүлэригэр бастакы ыйытыы Саха сирин олохтоохторун мөлүйүөн ахсааҥҥа тиэрпит кыысчаан туһунан буолла. «Эйиэхэ, өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыгар, бүгүҥҥү соһуччу үөрүүлээх сонуну аан бастаан истээт, туох санаа киирдэ?» диэн ыйытыыга Айсен Николаев сүрдээх истиҥник мичээрдээт маннык эппиэтээтэ:
— Биллэн турар, бу сонун үөрүүнү, дойдубунан киэн туттууну сахта. Биһиги ийэ уонна оҕо доруобуйатын харыстабылыгар, демография ахсаана тупсарыгар үгүс араас өрүттээх, хайысхалаах үлэни ыытабыт. Саха сирэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыта тэтимирэн, төрүүр оҕо ахсаана элбээн, көһөн барыы аҕыйаан, олохпут туруга биллэ тубуста. Мөлүйүөн киһи ахсааныгар чугаһаабыппыт өссө кулун тутарга биллибитэ. Саха сирин олохтоохторун мөлүйүөн ахсааҥҥа тиэрдибит оҕо төрөппүттэрэ Мииринэйгэ АЛРОСА хампаанньаҕа үлэлииллэр. Ийэтэ — Дьокуускайтан, аҕата Бүлүү улууһун Хампатыттан төрүттээхтэр. Кыысчаан билигин ийэтинээн балыыһаҕа сыталлар. Этэҥҥэлэр. Сотору дьиэлэригэр тахсыахтара.
… Ити курдук Үс Хатыҥҥа ыһыллыбыт Туймаада ыһыаҕар Саха сирин мөлүйүөн ахсааҥҥа тиэрдибит ийэ күндү бэлэҕи — мөлүйүөн ахсааны уунна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: