Айсен Николаев: «Саха сирин ИТ-хампаанньаларын технологическай бородуукталара Арассыыйа уонна аан дойду ырыынагар таҕыста»
Ил Дархан Айсен Николаев Анал этиитигэр өрөспүүбүлүкэҕэ IT-индустрия сайдыытын туһунан санаатын эттэ. Ол курдук, дойду технологическай суверенитетын улаатыннарыыга Саха сирин кылаатын бэлиэтээн эттэ.
— Саха сирэ цифровой уонна информационнай технологияларга дьоһуннаах инникилээх дии саныыбын. Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ үс тыһыынча км ВОЛС ситимэ тардылынна, Саха сирин олохтоохторун 90,96%-а түргэн интэриниэтинэн хааччылынна. Итиэннэ бу соторутааҕыта «Синергия Арктики» бырайыак үлэтин саҕалаан, 7 тыһыынча км ВОЛС тардыллан, арктическай зонаҕа баар 86 бөһүөлэк интэриниэттэниэҕэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ биир кэлим инновационнай экосистиэмэ баар буолла уонна сайдан иһэр. Манна сүрүн үлэни «Якутия» технопаарка, ИТ-паарка, Арктикатааҕы инновационнай киин, үрдүк үөрэх кыһалара, сайдыы институттара ыыталлар. 2018 сылтан аҥаардас ИТ-пааркаҕа 1 050 үлэ миэстэтэ тэрилиннэ, 420 мөлүйүөн солкуобай инвестиция көрүлүннэ, резиденнэр 5 миллиард солкуобайы киллэрдилэр. Оттон Өрөспүүбүлүкэ инновацияларын сайыннарыы пуондатын акселерационнай бырагырааматын нөҥүө 48 стартап ааста.
Саха сирин ИТ-хампаанньаларын технологическай бородуукталара Арассыыйа уонна аан дойду ырыынагар таҕыста. Өрөспүүбүлүкэбит Уһук Илиҥҥэ ИТ-өҥөнү эскпортааһыҥҥа лиидеринэн буолар, 2021 сыл түмүгүнэн Арассыыйа эрэгийиэннэригэр 9-с кэккэҕэ турбута.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: