Салгыы
Айсен Николаев: «Саха сирин күннэрэ РФ Федерациятын Сэбиэтигэр үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар» (ВИДЕО)

Айсен Николаев: «Саха сирин күннэрэ РФ Федерациятын Сэбиэтигэр үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар» (ВИДЕО)

Ааптар:
14.12.2022, 23:01
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Москва куоракка  РФ  Федерациятын Сэбиэтигэр Саха сирин күннэрэ буола тураллар.  Бүгүн, ахсынньы 14 күнүгэр, РФ Федерациятын Сэбиэтин пленарнай мунньаҕар Ил Дархан Айсен Николаев, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев уонна  норуот дьокутааттара кытыннылар. 

Бүгүҥҥү мунньахтар түмүктэринэн Ил Дархан Айсен Николаев уонна Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев суруналыыстар ыйытыыларыгар хоруйдаатылар.

Суруналыыстар Саха сирин күннэрэ Федерация Сэбиэтигэр хайдах ыытылла туралларын туһунан ыйытыыларыгар Айсен Николаев: «Саха сирин күннэрэ РФ Федерациятын Сэбиэтигэр олус үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар. Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенколыын кэпсэтэн баран, бу тэрээһини сыл устата бэлэмнээтибит. Бу Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн түмүктүүр тэрээһининэн буолар. Саха сирэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар аналлаах дьаһалы ылыыга элбэх уонна суолталаах дьыалабыай кэпсэтиилэр ыытылыннылар. Сенатордар Саха сиригэр элбэхтик кэлэн бардылар. Дьокуускайга эрэ буолбакка, Арктика улуустарыгар эмиэ сырыттылар. Кэмитиэттэргэ эмиэ сөптөөх үлэ ыытылынна. Бүгүн тустаах дьаһал сүрүн төрүтүн оҥоруу, ылыныы бу барыбыт түмсүүлээх үлэбит үтүө түмүгүнэн буолар», — диэн хоруйдаата.

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев: «Айсен Сергеевич этиитин кытта сөпсөһөбүн. Түгэнинэн туһанан, Саха сирин сайдыытыгар улахан өйөбүлү оҥорбут Федерация Сэбиэтин сенатордарыгар, чуолаан Валентина Матвиенкоҕа ис-сүрэхпиттэн махтанабын. Бүгүҥҥү дьаһал  төрүтүн оҥоруу барыбыт бииргэ үлэлээбиппит  үтүө түмүгүнэн буолар.  Дьаһалга Саха сирэ инники сайдыахтаах социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын бары хайысхалара сиһилии хабыллаллар. Биһиги этиилэрбит, туруорсууларбыт үгүс өттө барыта киирдэ, учуоттанна», — диэн санаатын үллэһиннэ.

Өрөспүүбүлүкэ кэлэр сыллааҕы экэниэмикэтин туруга хайдаҕын туһунан ыйытыыга, «Инникибит диэки дьулуруйан иһиэхтээхпит. Саха сирэ ньиэби, гааһы, таас чоҕу, үрүҥ көмүһү хостооһуҥҥа төрдүс сылын көрдөрүүтэ үчүгэй. Алмааһы хостооһун таһыма оннунан хаалара ситиһилиннэ. 2022 сыл 11 ыйынааҕы туругунан бырамыысыланнас оҥорон таһаарыыта 12,2 бырыһыан үрдүүрэ ситиһилиннэ. Эрэгийиэн баалабай бородууктатын оҥоруу эмиэ улаатар. 2018 сылтан эрэгийиэн баалабай бородууктата икки төгүл үрдүүрэ ситиһилиннэ», — диэн Айсен Сергеевич хоруйдаата.

Сиһилии видео-устууга көр. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: