Айсен Николаев Саха сирин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн 2025 уонна 2027 сылга диэри кэмҥэ сүрүн параметрдарын дьүүллэстэ

Share

От ыйын 15 күнүгэр Саха сирин баһылыга Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын чилиэннэрин кытта Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн 2025 сылга уонна 2027 сылга диэри кэмҥэ сүрүн параметрдарын дьүүллэстэ.

Айсен Николаев судаарыстыбаннай бүддьүөт социальнай соруктарын, бары социальнай төлөбүрдэри индексациялааһыны быһаарар наадатын бэлиэтээтэ.
Саха сирин баһылыга сааҥсыйаттан иҥнибэккэ өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ сайдарын бэлиэтээтэ.
Хостуур салаа бырамыысыланнаһа кэҥээтэ. Нэһилиэнньэ туһанар кыаҕа үрдээтэ.
2024 сыл бастакы аҥаарыгар эрэгийиэн бүддьүөтүн дохуоттаах чааһын көрдөрүүлэрэ ситиһилиннилэр.
Ил Дархан Үп уонна Экэниэмикэ министиэристибэлэригэр 2025 сылга уонна 2027 сылга диэри былааннаммыт кэмҥэ сабаҕалааһыҥҥа олоҕуран бүддьүөт параметрдарын бырагыраамалар уонна социальнай эйгэ бырайыактарын үбүлээһин улаатыытын учуоттаан оҥороллоругар соруйда.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыска:Андрей Сорокин, СИА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago