Айсен Николаев “Саха сирин тимир суоллара” хампаанньа генеральнай дириэктэрин кытта оробуочай көрсүһүүтэ буолла

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана уонна “Саха сирин тимир суоллара” АК ААУо генеральнай дириэктэрэ Василий Шимохин таһаҕаһы тиэйии уонна пассажирдар ахсааннарын элбэтии кээмэйигэр туһуламмыт инфраструктура бырайыактарын уонна миэрэлэрин олоххо киллэриини дьүүллэстилэр.

Хампаанньа үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин 2022 сыллааҕы түмүктэрэ тирэхтээх сайдыыны кэрэһилииллэр. Таһаҕаһы тиэйии 2021 с. тэҥнээтэххэ 16 быр., оттон пассажирдары тиэйии – 60 быр. улаатта. Маннык көрдөрүүлэр Аллараа Бэстээх ыстаансыйатыгар таһаҕаһы тиэйии кээмэйэ улааппытын уонна Аллара Бэстээх — Благовещенскай хайысхатынан пассажирдары таһар буойаһы сырытыннарыы, Благовещенскайга, Владивостокка, Иркутскайга диэри курдат айанныыр пасажирдар вагоннарын паркатын элбэтиини кытта ситимнээх.

2023 сылга тумус тутуллар хайысхалар – инфраструктура бөдөҥ бырайыактарын олоххо киллэрии, пассажирдары тиэйии ахсаана эбиллиитэ уонна Саха сирин олохтоохторун тырааныспарынан хааччыйыыны, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун хаарбах уонна саахалланар дьиэлэртэн көһөрүүгэ көмөлөһүү.

Саха сиригэр уонна Уһук Илиҥҥэ стратегическай суолталаах киэҥ хабааннаах бырайыактартан биирдэстэринэн “Джалинда-Мохэ” Арассыыйа уонна КНР икки ардыларыгар норуоттар икки ардыларынааҕы кыраныыссаны туорааһын бырайыага буолар. Бу бырайыагынан бииргэ үлэлииргэ меморандуму Саха сирин уонна Амур уобалаһын былаастара Илиҥҥи экэниэмикэ пуорумун кэмигэр илии баттаспыттара.  Амуру туоратар массыына-тимир суол муостата Байкал-Амур  Илиҥҥи полигонун уонна Транссибиир тимир суол ыллыгын ноҕоруускатын чэпчэтиэҕэ. Ол түмүгэр Саха сириттэн 20 мөл туонна кэриҥэ араас таһаҕас КНР-га тахсыаҕа.

“Саха сирин тимир суолара” хампаанньа Джалиндаҕа тимир суол тиксэр сирин тутууга бэдэрээтчит буолуохтарын сөп.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын саайтыттан

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

8 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

11 часов ago