Айсен Николаев Саха сирин военкордарын үлэлэригэр үрдүк сыанабылы биэрдэ
Арассыыйа бэчээтин күнүгэр Айсен Николаев байыаннай кэрэспэдьиэннэри кытта көрүстэ. Саха сирин баһылыга кинилэр үлэлэрин хайҕаата, сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр кыайыыны чугаһаталларын бэлиэтээтэ.
«Саха» НКИХ уонна «Сахамедиа» холдинг 17 суруналыыһыттан этэрээт тэрилиннэ, кинилэр Чечня Өрөспүүбүлүкэтигэр Спецназ Арассыыйатааҕы университетыгар анал үөрэҕи ааспыттара.
«Военкордар байыаннай дьайыы сиригэр үлэлэрэ Саха сирин олохтоохторугар улахан суолталаах. Саха сирин олохтоохторо кыргыһыы хонуутугар туох буоларын кинилэртэн истэллэр. Саха сирин буойуннарын фроннааҕы олохторун туһунан бэчээт уонна тэлэбиидэнньэ кырдьыктаах иһитиннэриитэ — бу эмиэ кыайыыга көмөлөһүү. Аныгы байыаннай кэрэспэдьиэннэр Аҕа дойду Улуу сэриитин кэрэспэдьиэннэрин фроннааҕы үгэстэрин салгыыллар»,— диэтэ Саха сирин баһылыга.
Айсен Николаев махталын бэлиэтин саха быһахтарын туттарда. Кини билигин уопсастыбаҕа байыаннай эпэрээссийэ туһунан уус-уран айымньыларга наадыйалларын бэлиэтээтэ. «Алдан» эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы бастакы киинэ курдук. Саха сирин баһылыгын саныырынан, военкордар бу жанрга бэйэлэрин күүстэрин холонуохтарын сөп.
Ону тэҥэ байыаннай суруналыыстыкаҕа үлэлиир уопуттаах байыаннай кэрэспэдьиэннэр «Саха сирэ — дьоруойдар дойдулара» каадыр бырагырааматын олоххо киллэриигэ кыттыахтарын сөп. Бу Арассыыйа Бэрэсидьиэнин этии киллэриитинэн «Время героев» федеральнай бырайыак салгыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ буолуохтаах.
Эрэгийиэн баһылыга суруналыыстары «Бастионы памяти» историко-патриотическай бырайыагы олоххо киллэриигэ уонна үһүс Антифашистскай пуоруму тэрийиигэ ыҥырда.
Байыаннай кэрэспэдьиэннэр 2024 сыллааҕы үлэлэрин билиһиннэрдилэр.
Көрсүһүүгэ байыастары уонна тирэх пууннар үлэһиттэрин эбии сэбинэн-сэбиргэлинэн хааччыйыы боппуруостарын дьүүллэстилэр. Ол иһигэр радиоэлектроннай киирсии тэриллэринэн. Инники үлэлэрин былаанын билсиһиннэрдилэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: