Айсен Николаев Саха сирин военкордарын үлэлэригэр үрдүк сыанабылы биэрдэ

Share

Арассыыйа бэчээтин күнүгэр Айсен Николаев байыаннай кэрэспэдьиэннэри кытта көрүстэ. Саха сирин баһылыга кинилэр үлэлэрин хайҕаата, сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр кыайыыны чугаһаталларын бэлиэтээтэ.

«Саха» НКИХ уонна «Сахамедиа» холдинг 17 суруналыыһыттан этэрээт тэрилиннэ, кинилэр Чечня Өрөспүүбүлүкэтигэр Спецназ Арассыыйатааҕы университетыгар анал үөрэҕи ааспыттара.

«Военкордар байыаннай дьайыы сиригэр үлэлэрэ Саха сирин олохтоохторугар улахан суолталаах. Саха сирин олохтоохторо кыргыһыы хонуутугар туох буоларын кинилэртэн истэллэр. Саха сирин буойуннарын фроннааҕы олохторун туһунан бэчээт уонна тэлэбиидэнньэ кырдьыктаах иһитиннэриитэ — бу эмиэ кыайыыга көмөлөһүү. Аныгы байыаннай кэрэспэдьиэннэр Аҕа дойду Улуу сэриитин кэрэспэдьиэннэрин фроннааҕы үгэстэрин салгыыллар»,— диэтэ Саха сирин баһылыга.

Айсен Николаев махталын бэлиэтин саха быһахтарын туттарда. Кини билигин уопсастыбаҕа байыаннай эпэрээссийэ туһунан уус-уран айымньыларга наадыйалларын бэлиэтээтэ. «Алдан» эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы бастакы киинэ курдук. Саха сирин баһылыгын саныырынан, военкордар бу жанрга бэйэлэрин күүстэрин холонуохтарын сөп.

Ону тэҥэ байыаннай суруналыыстыкаҕа үлэлиир уопуттаах байыаннай кэрэспэдьиэннэр «Саха сирэ — дьоруойдар дойдулара» каадыр бырагырааматын олоххо киллэриигэ кыттыахтарын сөп. Бу Арассыыйа Бэрэсидьиэнин этии киллэриитинэн «Время героев» федеральнай бырайыак салгыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ буолуохтаах.

Эрэгийиэн баһылыга суруналыыстары «Бастионы памяти» историко-патриотическай бырайыагы олоххо киллэриигэ уонна үһүс Антифашистскай пуоруму тэрийиигэ ыҥырда.

Байыаннай кэрэспэдьиэннэр 2024 сыллааҕы үлэлэрин билиһиннэрдилэр.

Көрсүһүүгэ байыастары уонна тирэх пууннар үлэһиттэрин эбии сэбинэн-сэбиргэлинэн хааччыйыы боппуруостарын дьүүллэстилэр. Ол иһигэр радиоэлектроннай киирсии тэриллэринэн. Инники үлэлэрин былаанын билсиһиннэрдилэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Дьокуускай маастар-былаанын чэрчитинэн үс оскуола уонна икки оҕо уһуйаана  тутуллара былааннанар

Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэриини тохсунньу 14 күнүгэр, оптуорунньукка, Ил Дархан Айсен Николаев уонна куорат мэрэ…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Пуховигы сөпкө сууйабыт…

Саха сиригэр билигин аҕыйах кэрэ аҥаар саҕынньах кэтэн сылдьар курдук, дьон үксүн пуховик куурканан кыстыыр.…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл 500-тэн итэҕэһэ суох тырааныспары гаас уматыкка көһөрүөхтэрэ

Саха сиригэр 2025 сылга 500 массыынаны гаас уматыкка көһөрүөхтэрэ. Бу туһунан Бырамыысыланнас уонна геология министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр. 2024…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

«Хаҥалас хапсаҕайа» турнирга барыта 6 мөл.солк. оонньонуо

Дьокуускай куорат «Хаҥалас хапсаҕайа» норуоттар икки ардыларынааҕы турниры ыытарга бэлэмнэнэр. Барыллаан турнирга  аҕыс судаарыстыбалар бэрэстэбиитэллэрэ,…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр 35 000 өҥө оҥоһулунна

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр социальнай-психологическай киин уопсайа 35 000 көмө өҥөтүн оҥордо.…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Салайар хампаанньа массыына умайыытыгар буруйдаммыт

2023 сыл сэтинньи ыйыгар Дьокуускайга Лонгинов аатынан уулусса 28Б дьиэ таһыгар турбут "Тойота Хайс" массыына…

2 часа ago