Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо, күндү доҕоттор!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Сайылык күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Бу күнү биһиги бэһис сылын ыам ыйын 22 күнүгэр бэлиэтиибит. Христианнар биир ытык бырааһынньыктара – Ньукуолун күнэ – сайын саҕаланыытын бэлиэтиир. Биһиги хотугу сирбитигэр бу күнү көрсө халлаан биллэрдик сылыйар буолан, сайылыкка көһөн тахсар үгэс олохсуйбута. Тымныы түһүөр диэри сүөһү хойуу оттоох сиргэ мэччийэн төлөһүйэр, үрүҥ тунах үксүүр.
Саха сирин олохтоохторо бу күнү – айылҕабыт уһуктан, күлүм күммүт сылааһынан угуттаан, тула өттүбүт чыычаах ырыатынан туолан, күөххэ үктэнэр дьикти кэрэ кэммитин – үөрэ-көтө көрсөбүт. Өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһан, алаадьы, кус минэ буһаран, аймахтарбытын, доҕотторбутун, ыалларбытын кытта улахан остуол тула мустабыт.
Бу күннэргэ тыа сирин олохтоохторо сүөһүлэрин үүрэн сайылыкка көһөллөр. Биһиги өрөспүүбүлүкэтигэр сайылык хаһаайыстыбатын сайыннарыы төрүт үгэһи чөл хаалларар соруктаах эрэ буолбакка, экэниэмикэ өттүнэн көдьүүстээх.
Сайылыктар өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар бааллар. Саамай элбэх сайыҥҥы пиэрмэлээх улуустар: Уус Алдан 39 сайылыктаах, Сунтаар – 37, Мэҥэ Хаҥалас – 33, Чурапчы – 29, Амма, Хаҥалас – 27-лии сайылыктаахтар.
Тиэхиньикэнэн хааччыллыы тупса турар. Ол курдук, 255 сайылык механизацияланна, 273 – уот лииньийэтигэр холбонно, 45 – дизельгэ холбонно, 6 – күнтэн иитиллэр батарыайаларынан, 6 сайылык моногенераторынан хааччылынна.
Нам, Горнай, Амма уонна Ньурба улуустарыгар саха ынаҕын ууһатар түөрт сайыҥҥы пиэрмэ тэрилиннэ. Быйыл барыта холбоон 1329 саха сүөһүтэ, ол иһигэр 366 саха ынаҕа сайыҥҥы мэччирэҥҥэ көспүтэ бэлиэтэннэ.
Кэнники сылларга сайылыктары тутарга өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн 75 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай суумалаах үп 24 хаһаайыстыбаҕа ыытылынна. Оттон быйыл Кэбээйи улууһун «Сайылык», Томпо оройуонун «Томпо-Ас», Сунтаар улууһун «Силис» уонна «Кириэстээх» тыа хаһаайыстыбатын туһанааччыларын кэпэрэтииптэрэ 100 сүөһү турар титииктэрин тутарга субсидиялары ыллылар.
Бу бырааһынньык күн тыа сирин туруу үлэһит дьонугар сыралаах үлэҕит иһин махталбын тиэрдэбин уонна таһаарыылаах үлэни баҕарабын! Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Үлэ сыла эһиги сылгыт буолара туох да саарбаҕа суох.
Күндү биир дойдулаахтарым! Эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, эбиллэ турар эрчими баҕарабын! Саҕалаабыккыт табылыннын! Күүтүүлээх самаан сайыммыт өлгөм үүнүүлээх, үүт-сүөгэй быйаҥнаах буоллун!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев
Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…
СӨ үбүн министиэристибэтэ "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…