Айсен Николаев: «Саҥа дьылынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!»

Share

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Күндү доҕоттор! Саҥа дьылынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Ааһан эрэр сыл Саха сиригэр уонна дойдубутугар дьоһун суолталаах түгэннэри тосхойдо. Бу сыл биһиэхэ саҥа кыахтары уонна тургутуулары аҕалла. Биһиги эйэни уонна сиэрдээх буолууну туруулаһабыт, дойдубутунан, өрөспүүбүлүкэбитинэн киэн туттабыт, олоҕу тутабыт-айабыт, туох баар үчүгэйи инникигэ туһаайабыт. 2024 сыл Саха сирин норуоттарын сомоҕолоһууларынан, биир санааланыыларынан өрөспүүбүлүкэбит аныгы устуоруйатыгар киириэҕэ. Биһиги киэн туттан туран 2024 сыл чаҕылхай түмүктэрин таһаарар кыахтаахпыт.

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин тула түмсэн, сылбытын саҥа кыайыылардаах, кэккэ ситиһии­лэрдээх түмүктүүбүт. Биллэн турар, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр дойду Баһылыга кэлэ сылдьыыта Саха сирин олохтоохторун сүргэлэрин көтөхпүтэ. Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар биһиги өрөспүүбүлүкэбит оҕо төрөөһүнүн уопсай коэффициенынан Уһук Илин эрэгийиэннэригэр эмиэ бастаата. Сахабыт сирэ Уһук Илин уокурукка нэһилиэнньэтин ахсаана утумнаахтык улаатар соҕотох эрэгийиэнэ буолар. Онуоха өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр эбии саҥа кэлим дьаһаллары ылыы улахан төһүү буолла.

Ааһан эрэр сылга инфраструктура бөдөҥ бырайыактарын, ол иһигэр Саха сирин үгүс көлүөнэ олохтоохторун ыра санаата буолбут Өлүөнэни туоруур муостаны тутууну олоххо киллэрии саҕаланна.

2024 сылга Саха сирин бырамыысыланнаһын үүнүүтэ Арассыыйа орто көрдөрүүтүн икки төгүл кэриҥэ куоһарда, сыл саҥатыттан 11 ый түмүгүнэн 8,5 % тиийдэ. Алмаас, ньиэп, айылҕа гааһын курдук таска таһаарыллар сүрүн баайы хостооһуҥҥа дойдуга ситиһиллибит кээмэй оннунан хаалла. Өрөспүүбүлүкэ чох хостуур бырамыысыланнаһа быйыл бастакытын дойдуга иккис миэстэҕэ таҕыста. Ону тэҥэ 54 туонна көмүһү хостоон, дойдуга иккис миэстэлээхпит.
Сахабыт сиригэр 2024 сылга 750 тыһыынча квадратнай миэтэрэ олорор дьиэ үлэҕэ киирдэ. Бу көрдөрүү 1990 сыллаахха Саха АССР кэмигэр ситиһиллибит таһымы куоһаран, өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар уһулуччу көрдөрүү буолла.

Аан дойду успуордун түмсүүтүгэр холобур буолар күрэстэрдээх “Азия оҕолоро” норуот­тар икки ардыларынааҕы VIII оонньуулары үрдүк таһымнаахтык ыыттыбыт, эйэ, доҕордоһуу үөрүүтүн, кыайыы өрөгөйүн туттубут. Бу үтүө түмүктэри биһиги өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун биир ньыгыл үлэлэринэн, хас биирдии киһи тус кылаатынан ситистибит.

Кэлэн иһэр 2025 сыл Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрилиннэ. 2025 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр дойдубут уонна Аан дойду устуоруйатыгар сүдү түгэни – Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылын бэлиэ­тиэхпит. Оттон бүгүн кыайыылаахтар сиэннэрэ уонна хос сиэннэрэ Аҕа дойду көмүскэлигэр эмиэ туруннулар. Саха сириттэн төрүттээх Арассыыйа Федерациятын Дьоруойдарынан, анал байыаннай дьайыы хорсун-хоодуот буойуннарынан өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут бүттүүнэ киэн туттар. Аҕа дойдуларын көмүскүүргэ өрүү бэлэм Саха сирин олохтоохторун көлүөнэлэрин быстыбат ситимнэрэ итиннэ көстөр.

2025 сыл өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар саҥа кыайыылары уонна хас биирдиибитигэр этэҥҥэ буолууну аҕалыаҕа диэн бигэ эрэллээхпин.

Күндү доҕоттор! Эһиэхэ доруобуйаны уонна үрдүк ситиһиилэри баҕарабын!

Кэлэр сылга ыра санааҕыт туоллун, дьиэ кэргэҥҥитигэр таптал, ытыктабыл уонна саҥа дьыллааҕы хомуһун баар буоллун!

Саҥа дьылынан!

Айсен Николаев,

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: тохсунньу 3  күнэ

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Төһө тымныйарый?  Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа улуустарыгар кыралаан кыралаан хаардыыр.…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…

16 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…

17 часов ago