Айсен Николаев: «Сокуону кэһэр ыҥырыыларга кыттыспаккытыгар ыҥырабын»
Дьокуускайга иирсии түмүгэр, Нам улууһуттан төрүттээх эдэр киһи тыына быһынна. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин ТГ ханаалыгар суруйбут:
«Дьокуускайга иирсии түмүгэр Нам улууһуттан төрүттээх эдэр киһи тыына быһынна. Кини чугас дьонугар кутурҕаммын тиэрдэбин, бу дьиэ кэргэҥҥэ улахан сүтүк. Быраабы араҥаччылыыр уорганнар уорбаланааччыны уонна кини кыттыгастарын туппуттара. Билигин силиэстийэ үлэтэ бара турар. Суут уонна силиэдэбэтэллэр дьыаланы сөптөөхтүк көрөн, буруйдаахтар сокуон иннигэр кытаанахтык эппиэттиэхтэрэ диэн эрэнэбин. Хара санаа накаастабыла суох хаалыа суохтаах! Силиэстийэни тус хонтуруолбар тутуоҕум.»
Маны сэргэ, Ил Дархан уопсастыбаҕа сэрэхтээх буолууну уонна быраабы кэһиигэ миэрэлэри, миграннары хонтуруоллуур үлэни күүһүрдүүгэ сорудахтаата.
Сүрүн уорбаланааччы Таджикистантан төрүттээх, кини Арассыыйа олохтооҕо буолар.
Хомойуох иһин, дьон иэдээнин тус сыалларыгар туһанааччы дьон эмиэ баар. Өрөспүүбүлүкэм олохтоохторун билигин тарҕана турар сокуону кэһэр ыҥырыыларга кыттыспаккытыгар ыҥырабын. Айдааны күөртээччилэр соруктара — өстөһүннэрии, дьону кырыктаах быһыыга тиэрдии буолар. Онон болҕомтолоох буолуҥ, билигин үгүс сымыйа сурах-садьык тарҕана турар.
Биһиги дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит күүһэ — сомоҕолоһуубутугар, түмсүүбүтүгэр. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин бүгүн эттэ: «Арассыыйа — биир улахан дьиэ кэргэн. Манна үйэлэр тухары араас норуоттар эйэлээхтик олорбуттара, кинилэр култууралара, тыллара, үгэстэрэ кими да араарбакка, төттөрүтүн Арассыыйаны ситимниирэ. Тоҕо диэтэххэ, биһиги доҕордуу дьиэ кэргэммит уопсай сыаннастара биһигини түмсүүлээх оҥорор.»
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: