Айсен Николаев Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьевы кытта оробуочай көрсүһүүтэ тохсунньу 29 күнүгэр буолла.
Салайааччылар улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын билиҥҥи боппуруостарын тула кэпсэттилэр. Көрсүһүү кэмигэр Ил Дархан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр үлэ улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
“Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөнү тэрийии улууска ситиһиллибит тэтими намтаппакка бара туруохтаах. Салалта байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин үлэнэн хааччыйыыга уонна психологическай-социальнай реабилитацияны оҥорууга ураты болҕомтотун ууруохтаах», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Маны таһынан, Кэмпэндээйи сэлиэнньэтигэр оскуола-уһуйаан дьиэтин тутуу боппуруоһун көрдүлэр. 1950-с сылларга тутуллубут оскуола мас дьиэтэ эргэрбитэ ырааппыт. Саҥа эбийиэк бырайыактыыр-сметнай докумуоннара оҥоһуллубуттар, судаарыстыбаннай эспэртииһэ үчүгэй түмүгэ ылыллыбыт.
Өссө буолаары турар үбүлүөйдээх тэрээһиннэри – сайын буолуохтаах Сергей Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи Ыһыах уонна 2026 сыллаахха Сунтаар улууһа төрүттэммитэ 225 сыла туолуохтааҕын туһунан кэпсэттилэр.
Бу күннэргэ күммүт-дьылбыт хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ хоту өттүгэр кыралаан хаардыыр. Өрөспүүбүлүкэ…
Хой Өрөгөй нэдиэлэтэ үүммүт. Үлэҕэр саҥа кыах аһыллыа. Салайааччыҥ болҕомтотун ылыаҥ. Нэдиэлэ устата харчы оҥорорго…
«Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев тохсунньу ый түмүктэрин таһаарда уонна Бырабыыталыстыба отчуоттарын сирэй көрсөн тоҕо…
“Якутия, вперед!” биэриигэ тохсунньу түмүктэрин таһаарар быһа эпииргэ Ил Дархан “Сулустаах” түөлбэҕэ сыл саҕаланаатын кытта…
“СӨ судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтин туһунан” сокуон 1998 сыллаахха ылыныллыбыта. Ол гынан баран, бу сокуоҥҥа “патриотическай…
Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар этиллибит сүҥкэн суолталаах боппуруоһунан тус үөрэхтээһини…