Айсен Николаев: «Сүрүн ситиһиибит — эбиллэн иһэрбит»

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайбыт Анал этиитигэр: «Саамай сүрүн ситиһиибит — киһи үйэтэ уһаабыта уонна нэһилиэнньэ ахсаана эбиллибитэ буолар» диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
— Саха сирэ — нэһилиэнньэтин ахсаана бигэтик эбиллэн иһэр көрдөрүүлээх Уһук Илиҥҥэ соҕотох эрэгийиэн буолар. Өрөспүүбүлүкэҕэ хас бэһис дьиэ кэргэн элбэх оҕолоох. Оҕо төрөөһүнүнэн Арассыыйаҕа 7-с миэстэлээхпит. Онон биһиги саамай сүрүн ситиһиибит, дьон олоҕун усулуобуйата тупсан иһэрин көрдөрүүтэ — киһи үйэтэ уһааһына уонна хас сыл ахсын элбээн иһэрбит буолар, — диэн кини эттэ.
Быйыл балаҕан ыйыгар Саха сиригэр киһи олоҕун орто уһуна аан бастаан 73,5 сыл буолла уонна Арассыыйа көрдөрүүтүн кытта тэҥнэстэ. 2023 сылга устуоруйаҕа киирэр түгэн буолбута — Саха сирин нэһилиэнньэтин ахсаана 1 мөлүйүөн киһи буолла.
— Алгыстаах ыһыаъ кэмигэр ити үөрүүлээх сурах барыбытын кынаттаабыта. Соторутааҕыта мин Мииринэйгэ Онуфриевтарга ыалдьыттаабытым. Кырачаан Саина төрөппүттэрин, дьонун үөрдэн, тапталга сууланан, доруобай, дьоллоох буола улаатан иһэр. Өрөспүүбүлүкэбит хас биирдии олохтооҕо инники олоҕор, оҕолорун, сиэннэрин кэскиллэригэр эрэллээх буолар бырааптаах. Онон дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарар былааннаах үлэбит салҕанар, — диэн Айсен Николаев эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: