Айсен Николаев Сыымахха байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр ыалдьыттаата
10.12.2023, 12:18

Хаартыска: Айсен Николаев телеграм-ханаалыттан.
Бөлөххө киир:
Ил Дархан Айсен Николаев кэргэнин кытта Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымах нэһилиэгэр байыаннай дьайыы кыттыылааҕын Петр Григорьев дьиэ кэргэнигэр ыалдьыттаатылар.



«Петр ийэтэ Анна Федоровна уолун туһунан киэн тутта кэпсээтэ. Петр сулууспаҕа барыан иннинэ Мэҥэ Хаҥаластааҕы ОДьКХ филиалыгар үлэлээбит. Байыаннай дьайыыга сылдьан кини бааһырбыт. Билигин этэҥҥэ эмтэнэн, чөлүгэр түспүт. Анна Федоровна биир дойдулаахтара бары көмө-тирэх буолаллар. Маладьыастар! Бу дьиэ кэргэн баҕа санаата туолан, уоллара кыайыы көтөллөөх дьиэтигэр эргилиннин!» — диэн Айсен Сергеевич телеграм-ханаалыгар суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: