Айсен Николаев Тиксиигэ байыаннай дьайыы кыттыылааҕын кытта көрүстэ
Ил Дархан Айсен Николаев Булуҥ улууһугар оробуочай командировкатын кэмигэр Тиксиигэ анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Дениһы уонна кини дьиэ кэргэттэрин кытары көрүстэ.
Ол туһунан Айсен Николаев ТГ-ханаалыгар иһитиннэрдэ. Айсен Николаев байыаннай сулууспалаах уоппускаҕа сылдьарын туһунан кэпсээтэ. Денис уонна кини кэргэнэ биэс оҕону иитэллэр, кыралара үс эрэ нэдиэлэлээх. «Тиксиигэ хорсун буойуну, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Денис Денисовы уонна кини бэртээхэй дьиэ кэргэнин кытта көрүстүм. Байыас күүппүт уоппускатыгар төрөппүттэригэр, кэргэнигэр уонна оҕолоругар кэлбит», — диэн суруйар Айсен Николаев.
«Бастатан туран, Кыайыы туһугар патриотизм уонна бэриниилээх үлэтин иһин махтанным. Биһиги олус үчүгэйдик кэпсэттибит. Денис сулууспатын, саллааттар күннээҕи олохторун туһунан сэһэргээтэ. Кини байыастары кытта байыаннай дьайыы зонатыгар көрсөрбүттэн олус үөрэллэрин туһунан үллэһиннэ. Соторутааҕыта миигин кытта бииргэ сулууспалыыр байыас көрсүбүтэ», — диэн Ил Дархан санаатын үллэһиннэ. Айсен Николаев элбэх оҕолоох ыалга уонна кини төрөппүттэригэр бары наадалаах өйөбүл оҥоһулларын бэлиэтээтэ. «Денис чугас дьоно күүтэр Кыайыынан дьиэтигэр этэҥҥэ эргилиннин!» — диэн Ил Дархан эбэн эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: