Салгыы
Айсен Николаев: «Тустаах сокуон кыылы көмүскэһээччилэртэн сылтаан үчүгэйдик үлэлии илик»

Айсен Николаев: «Тустаах сокуон кыылы көмүскэһээччилэртэн сылтаан үчүгэйдик үлэлии илик»

26.12.2024, 13:09
Ульяна Захарова хаартыската.
Бөлөххө киир:

Бүгүн, ахсынньы 26 күнүгэр, Дьокуускайга Кадеттар оскуола-интэринээттэригэр Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сылы түмүктүүр, кэлэр сыл былааннарын билиһиннэрэр пресс-кэмпириэнсийэтэ буола турар.

«Кэскил» оҕо издательствотын дириэктэрэ Ольга Семенова оҕону иитии тула ыйытыытыгар Ил Дархан маннык хоруйдаата: «Оскуола сүрүн соруга үөрэтии эрэ буолбатах, оҕону иитии буолар. Сатаан толкуйдуу үөрэтэ сатыахха наада, онно аныгы технологияны көмөлөһүннэрэн. Учуутал иитиллээччитин таптыахтаах дии саныыбын. Миигин үтүө учууталлар үөрэппиттэрэ. Үөһээ Бүлүү гимназиятын учууталлара биһиги олохпутугар үчүгэй путевканы биэрбиттэрэ.

«Сахалайф» таһаарыыттан Татьяна Бурцева Чульмаҥҥа буолбут иэдээни федеральнай таһымҥа таһаарыы туһунан сураста. Айсен Николаев: «Бэйдиэ сылдьар ыттар боппуруостарыгар киһи олоҕо бастакынан туруохтаах. Бэйдиэ сылдьар ыттарга өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон ылыллыбыта, ол эрээри кыылы көмүскэһээччилэртэн сылтаан үчүгэйдик үлэлии илик. Муниципалитеттар бэйэлэрин туһааннаах үлэлэрин оҥордуннар, ыттар бэйдиэ сылдьыбаттарын курдук», — диэтэ.

+1
7
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: