Салгыы
Айсен Николаев: «Уот ситимин реформалааһын эрэгийиэн уратытын учуоттуохтаах»

Айсен Николаев: «Уот ситимин реформалааһын эрэгийиэн уратытын учуоттуохтаах»

28.09.2024, 12:08
Бөлөххө киир:

Арассыыйа энергетическэй нэдиэлэтин чэрчитинэн “Энергетика” хайысхатыгар  ыытыллыбыт Госсэбиэт хамыыһыйатын мунньаҕа дойдуга уот ситимэ эрэллээх, көдьүүстээх буоларын үрдэтиини биир сүрүн тиэмэнэн оҥордо. Кыттааччылар эрэгийиэннэр уратыларынан көрөн, сетевой тэрилтэлэри наардыырга сокуоҥҥа тахсыахтаах уларыйыылары дьүүллэстилэр.

“Территориальнай сетевой тэрилтэлэри тиһиккэ киллэрэр туһунан федеральнай сокуон ылыллыытынан сибээстээн биһиги хамыыһыйабытыгар хас да эрэгийиэн баһылыга ыйытыылаах таҕыста. Уот ситимин комплексын реформалааһын эрэгийиэн уратыларын учуоттуохтаах диэн ааҕабын. Сетевой хаһаайыстыбаны холбуурга бары өрүттэр интэриэстэрэ сөп түбэһэрин курдук быһаарыы ылыныахтаахпыт”, — диэтэ “Энергетика” хайысхаҕа Госсэбиэт хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев.

РФ Бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ, Госсэбиэт сэкирэтээрэ Алексей Дюмин уот ситимин комплекса сайдарыттан уонна туруктаах буоларыттан дьон олоҕо, экэниэмикэ быһаччы тутулуктааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Александр Новак судаарыстыба хас биирдии эрэгийиэн олохтооҕун хаачыстыбалаах уотунан хааччыйар соруктааҕын санатта.

Арассыыйа энэргиэтикэтин миниистирэ Сергей Цивилев дойду энэргиэтикэтигэр урутаан сайыннарыы хайаан да наадалааҕын, уот энэргиэтикэтигэр технологическай бэйэни көрүнүүнү хааччыйар, эргэрбит оборудованиены аччатар, уот энэргиэтикэтин эбийиэктэрин былааннаан саҥардан, уларытан иһэр миэрэлэри Арассыыйа тустаах министиэристибэтэ ыларын уонна оҥорорун иһитиннэрдэ.

Саҥа эниэргэтиһик биир көрүҥүнэн балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэҕэ киирбит Территориальнай сетевой тэрилтэлэри тиһиккэ киллэрэр (СТСО) туһунан сокуон буолар. Бу структуралар уот сиэттэрин хайысхалыахтара, хаһаайына суох ЛЭП-тэри, подстанциялары үлэлэтиэхтэрэ, улахан абаарыйалары туоратыахтара. Ол эрээри хас да эрэгийиэн, ол иһигэр Саха сирэ, сокуону эбии оҥорорго этии киллэрдилэр, эрэгийиэннэр биир СТСО-ну эрэ буолбакка, икки СТСО-ну быһаарар бырааптаналларын туруорустулар.

“Саха сирэ хас да эниэргэоройуоҥҥа арахсар, биир сетевой тэрилтэ Киин, Арҕаа оройуоннары, биир – Соҕуруу Саха сирин көрөр-истэр. Соҕотох СТСО ананнаҕына ыраах сирдэри хааччыйарга эбии ороскуот тахсыа”, — диэтэ Айсен Николаев.

Мунньах кыттыылаахтара саҥа быраабылалар хаачыстыбалаах өҥөнү оҥорор уонна электросетевой хаһаайыстыбаны көрөр-истэр тиһиккэ киирбэтэх ТСО үлэтигэр куһаҕаннык дьайыахтарын сөп диэн дьиксиннилэр. Маны тэҥэ эрэгийиэннэр уонна муниципалитеттар ырыынак сыанатынан электросетевой хаһаайыстыба эбийиэктэрин бас билиигэ ылар кыахтара суоҕуттан бүддьүөттэрин толорунар сирдэрин сүтэрэллэр.  Электросетевой хаһаайыстыба эбийиэктэрин нормативнай турукка киллэрэн СТСО-ҕа биэрэллэриттэн, бүддьүөттэригэр эбии ноҕорууска тахсар туруктаах.

Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата энэргиэтикэ эбийиэктэригэр саахал тахсыытын аччатар туһуттан энэргэтиичэскэй хампаанньалары кытта 2028 сылга диэри эниэргэтиһик эрэллээхтик уонна туруктаахтык үлэлиирин үрдэтэр былааннары оҥорбута. Манна уот лиинийэлэрин, подстанциялары саҥардан, уларытан оҥоруу, уоту биэрэр атын источниктары оҥоруу, сетевой учаастактары саҥардыы киирэллэр. “РусГидро” ПАО кытта 73 дизельнай уот ыстаансыйаларын саҥардыы итиэннэ ДЭС уонна күн уотунан үлэлиир панеллар базаларыгар автоматизированнай гибриднэй эниэргэкомплекстары  тутуу салҕанар — билиҥҥи туругунан маннык 10 комплекс туруорулунна, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: