Бүгүн, ыам ыйын 10 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр уонна баһаарынай куттал суох буолуутун хааччыйар хамыыһыйа мунньаҕар ууга барбыт нэһилиэктэргэ сылааһы биэрии сезонун уһатарга сорудахтаата.
«Суһал дьаһаллар уһатыыта, тардыллыыта суох ылыллыахтаахтар. Сүрүн сорукпут – дьон олоҕор уонна доруобуйатыгар кутталы суоһаабатын, ону таһынан хоромньу тахсыбатын хааччыйыы буолар», – диэн баһылык бэлиэтээтэ.
Уу таһыма түстэ даҕаны чөлүгэр түһэрии үлэлэрин саҕалыылларыгар уонна хоромньуну ааҕалларыгар соруйда.
Хас сыл ахсын кэриэтэ суураллан алдьанар суоллары өрөмүөннээһиҥҥэ туспа соругу туруорда. Суолга алдьаммыт эрэ сири өрөмүөннээбэккэ, хапытаалынай дьаһаллар ылыллыахтарын – ууну аһарар турбалары элбэтии, кыра муосталары тутуу наадатын эттэ.
««Амма» айан суолугар сыл аайы балаһыанньа хатыланар, уу алдьатар. Буолан баран, сырыы аайы биир миэстэҕэ алдьанар. Ити ууну аһарар тутуулары бырайыактааһыҥҥа уонна тутуу кыаҕа кыратын этэр. Маннык түгэннэргэ муоста тутуллуохтаах. Ол төһө даҕаны сыаната ыарахан буоллар, көдьүүстээх буолуо этэ», – диэтэ Айсен Николаев.
Итини сэргэ баһылык кыра өрүстэр сүнньүлэрин ыраастыыр соругу туруорда. Быйыл саас халаан уутуттан ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибит Горнай улууһун Өрт сэлиэнньэтин Хаар Балаҕан үрэҕэр өрүс сүнньүн оттон-мастан ыраастаатылар. Сотору кэминэн Бэс Күөлүн Дьүктүөнэ үрэҕин ыраастыыр былааннаахтар.
Ону таһынан Айсен Николаев өрөмүөҥҥэ наадыйар күргэлэри. Атын да эбийиэктэри испииһэктэрин саҥардарга эттэ. Ол иһигэр Горнай улууһун Өрт сэлиэнньэтин даамбата, Таатта улууһун Кыйы сэлиэнньэтигэр уонна Чурапчы улууһун Чурапчытыгар баар гидротехническай тутуулар бааллар.
Сүрүн болҕомтону Бэрдьигэстээххэ баар Маатта үрэх гидротехническай тутуутутгар ууралларыгар соруйда. Бу күннэргэ манна уу таһыма үрдүү сырытта. Онуоха өрөмүөн үлэтигэр инертэнэй матырыйаал саппааһа бэлэмнэннэ, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын пуондатыттан 6 мөл. солк. тыырылынна.
Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…
Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…
Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх, Хатас…
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…
Билигин электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…
Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…