Айсен Николаев «Үлэ киһитэ» бириэмийэ хаһаайына Роман Тупринныын көрүстэ

Айсен Николаев «Үлэ киһитэ» бириэмийэ хаһаайына Роман Тупринныын көрүстэ

Ааптар:
04.07.2023, 15:42
Хаартыска СИА, Андрей Сорокин
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев  бүгүн, от ыйын 4  күнүгэр, «Үлэ киһитэ» бириэмийэ хаһаайына,  Үлэ Дьоруойа Илья Спиридонов аатынан таба иитэр хаһаайыстыба дириэктэрэ  Роман Туприны кытта көрүстэ.

Күн бүгүн Анаабыр долган-эбэҥки национальнай  оройуонугар 23 тыһыынча кэриҥэ таба баар. Мантан 14 тыһыынчата Үлэ Дьоруойа Илья Спиридонов аатынан таба иитэр хаһаайыстыбаҕа.   Туһааннаах хаһаайыстыба  54 табаһыттаах  уонна 28 чум үлэһиттээх.

Роман Туприн Ил Дарханы кытары көрсүһүү кэмигэр  долган табатын тэнитии бырайыагын  билиһиннэрдэ.   Ол курдук Анаабыр  оройуонун дьаһалтатын уонна Арктикатааҕы   судаарыстыбаннай агротехнологическай  университеты кытары туһааннаах боппуруоһунан бииргэ үлэлээһиҥҥэ дуогабар түһэрсиллибит.  Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ түөрт араас боруода таба баар. Долган боруодата бэһис көрүҥүнэн буолуоҕа.

Айсен Николаев  Туприн этиитин  биһирээтэ уонна бырабыыталыстыба өттүттэн бырайыагы олоххо киллэриигэ көмө оҥоһуллуоҕа диэтэ.

Көрсүһүү кэмигэр   таба хаһаайыстыбатын  салайааччыта  каадыр боппуруоһун таарыйда.  Итини таһынан  Роман Туприн  судаарыстыбаннай наҕараадаҕа түһэриигэ  болҕомтону уһун кэмҥэ табаны, сүөһүнү иитиигэ үлэлии сылдьар  дьоҥҥо уурарга эттэ.

«Табаны иитии  өрөспүүбүлүкэҕэ сайдан иһэр. Салааҕа үбүлээһин кээмэйэ улаатта.  Ол да буоллар, болҕомто киинигэр ылыллар боппуруостар бааллар», – диэтэ  Айсен Николаев.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: