Бүгүн, ахсынньы 3 күнүгэр, Айсен Николаев «Үтүө санаа харыйата» аһымал аахсыйаны аһан, бастакынан кытынна. Ил Дархан бырааһынньыктар иннинэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитэргэ көмө оҥорор киин иитиллээчитэ түөрт саастаах Элиза уонна 22-с №-дээх коррекционнай оскуола иккис кылааһын үөрэнээччитэ Петя баҕа санааларын толордо.
Бу аахсыйа тэриллиэҕиттэн Айсен Николаев сыллата кыттыыны ылар. Аахсыйа бастакытын 2015 сыллаахха ыытыллыбыта.
«Бу үтүө үгэс буолбут аахсыйа тохсус төгүлүн ыытыллар. Биллэн турар, маны өйүүрү мин иэспинэн ааҕынабын, оҕолору үөрдэр буоллахпыт. Быйыл оҥорбут бэлэхтэрбин кырачаан кыыс уонна уол сөбүлүөхтэрэ диэн эрэнэбин. Түгэнинэн туһанан, саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктааҕы күннэр иннилэринэ бары кэлэн аахсыйаҕа кыттаргытыгар ыҥырабын», — диэн Айсен Сергеевич этэр.
«Үтүө санаа харыйатыгар» оҕо дьиэлэриттэн, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор үөрэнэр оскуолаларыттан баҕа санаалары хомуйан ыйыыллар. Быйыл аахсыйа ахсынньы 28 күнүгэр диэри ыытылар. Маннык харыйалар бары улуустарга турдулар. Дьокуускайга Кальвица уонна Дзержинскэй уулуссаларыгар турар «Бубль Гум» маҕаһыыннарга баар.
Бүгүн, ахсынньы 4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…
Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…
Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…
Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…
Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…
Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…