Бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторугар туһаайыы этиилээх таҕыста.
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Бар дьонум!
Кулун тутар 15 — 17 күннэригэр биһиги быыбарга кыттабыт, ол онтон биһиги дойдубут инникитэ быһаччы тутулуктаах.
Дойдуга үөскээбит билиҥҥи уустук кэмҥэ биһиги бары биир сомоҕо буолуохтаахпытыгар мин итэҕэйэбин. Биһиги өйбүтүн-санаабытын барытын биир күүскэ — чугас дьоммут, төрөөбүт дойдубут туһугар түмэрбитигэр итэҕэйэбин. Маннык күүс Арассыыйаҕа баар. Биһиги лиидэрбит, биһиги Бэрэсидьиэммит кытаанах санаата, дьулуура биһиэхэ эрэли үөскэтэр.
Дойду Аҕа баһылыгын тус өйөбүлүнэн, кини Саха сиригэр хайдахтаах курдук тыйыс усулуобуйаҕа олорорбутун өйдүүр, билэр буолан, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэх үлэ оҥоһулунна. Өрөспүүбүлүкэ национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһини ылыыга Арассыыйаҕа төрдүс миэстэҕэ сылдьар. Бу саҥа эбийиэктэр, олорор дьиэлэр, суоллар, Саха сирин олохтоохторугар үлэ миэстэлэрэ. 2018 сылтан алта сыл иһигэр Саха сиригэр 329 улахан социальнай эбийиэктэр тутулуннулар. Бу барыта дьон олоҕун таһымын үрдэтэргэ, куораттар, сэлиэнньэлэр сайдыыларыгар төһүү күүһүнэн буолар. Маннык тэтимнээх үлэ биһиэхэ хаһан да буола илигэ.
Билигин биһиги өссө даҕаны элбэҕи оҥоруохтаахпыт. Бэрэсидьиэн Анал этиитигэр дойду эрэллээхтик сайдыытыгар күүстээх хайысханы ыйбыта, ол аата биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эмиэ! Саамай кылаабынайа болҕомто киинигэр — хас биирдии киһи этэҥҥэ буолуута, дьиэ кэргэн дьоллоох буолуута.
Биһиги бииргэ инникитин төрөөбүт Сахабыт сирин, Арассыыйа биир күүстээх эрэгийиэнин, салгыы сайыннарыахпыт диэн бүк эрэллээхпин. Биһиги өссө күүһүрүөхпүт, дойдубутугар бэриниилээх буолан патриотизм үгэстэрин салҕыахпыт. Биһиги сыалбыт биир — биһиги инники олохпутун, биһиги улуу дойдубут инникитин түстүүбүт.
Өрүү буоларын курдук, мин булгуччу куоластааһыҥҥа кыттабын.
Күндү биир дойдулаахтарым!
Улуу Ийэ дойдубут Арассыыйа туһугар быыбарга биир сомоҕо буоламмыт, бигэ тирэхпит туһугар куоластыахха! Дойдубут Бэрэсидьиэнинэн күүстээхтэн күүстээх санаалаах, бастыҥтан бастыҥы талыахха! Кэскилбит туһугар – бииргэ!
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…