Айсен Николаев Юрий Трутнев тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар кытынна

Share

Москваҕа РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Уһук Илин уокурук 2024 сыллааҕы социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уонна 2025 сыллааҕы сүрүн соруктарын быһаарыыга көһө сылдьар мунньаҕы тэрийэн ыытта. Тохсунньутааҕы сүбэ мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев кыттыыны ылла.

«Биһиги үгэс курдук эрэгийиэннэр баһылыктарын, Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын министиэристибэтин салалтатын, сайдыы үнүстүтүттэрин салалтатын кытта ыытар үлэбит туһунан сүбэлэһэбит. Бу эппиэтинэстээх үлэҕэ Уһук Илиҥҥэ уонна Арктикаҕа 10,5 мөл. гражданнар олохторун хаачыстыбатын тупсарар соруктар баалларын туһунан хаһан да умнубаккытыгар көрдөһөбүн. Биһиги билигин олорор кэммитигэр үчүгэйдик эрэ буолбакка, олус үчүгэйдик үлэлиэхтээхпит», — диэн Юрий Трутнев сүбэ мунньаҕы арыйда.

Уһук Илин уокурук уонна Арктика сайдыытыгар миниистирин бастакы солбуйааччы Гаджимагомед Гусейнов олорор дьиэ тутуутун сайыннарыытын туһунан иһитиннэрдэ. 2024 сылга уокурук үрдүнэн 4,7 мөл. кв. м иэннээх олорор дьиэ үлэҕэ киирбит. Дьиэ сыаната Арассыыйа үрдүнэн аан бастакытын 12%-нан намтаабыт. Дьиэни-уоту тутуу уонна сыанатын чэпчэтии Бэрэсидьиэн көҕүлээбит «Уһук Илиҥҥи ипотека», «Уһук Илиҥҥи кыбаартал» уонна «Уһук Илиҥҥи аренда» бырагыраамаларынан ситиһиллибит.
«Уһук Илиҥҥи кыбаартал» бырагырааманан Уһук Илин сэттэ эрэгийиэнигэр куонкурус ыытыллыбыт уонна аҕыс былаһааккаттан сэттэҕэ тутааччылар быһаарылыннылар. Былаһаакка уопсайа  олорор дьиэтэ 2,3 мөл. кв. м иэннээх, ол аата 83 тыһ. Уһук Илин олохтоохторун олорор дьиэнэн хааччыйыаҕа. Тутуу сэттэ былаһааккаттан  түөрт былаһааккатыгар саҕаламмыт. «Доступное арендное жилье» бырагырааманан 12 тыһ. кыбартыыра атыылаһыллыбыт, онно 282 ыал олорор дьиэлэммит. Бу үксүгэр эдэр исписэлиистэр уонна байыаннай дьайыы кыттыылаахтара буолаллар.
Уһук Илин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын биир сүрүн көрдөрүүтүнэн Уһук Илин олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыта буолар. Эрэгийиэннэр социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи инвестициялары улаатыннарыы анал мэхэньииһимнэрин уонна инструменнарын туһаныы көрдөрүүлэри тупсарар. Уһук Илин 25 куораттарын маастар-былааннарын олоххо киллэрии саҕаланна. 2030 сылга диэри Уһук Илиҥҥэ куораттары тупсарыы куонкуруһу ыытыы салгыы уһатыллан биэрдэ. Сиһилии манна аах.
What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Иван Бугаев: «Итэҕэллээх буоламмын эрэ тыыннаах сылдьабын»

Бу күннэргэ биһиги хаһыаппытыгар Кэбээйи улууһун Сиэгэн Күөлүттэн  байыаннай дьайыыга кытта сылдьар Иван Бугаев ыалдьыттаан…

7 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Ньургун Боотур» олоҥхо-опера дойду бастыҥ испэктээктэрин испииһэгэр киирдэ

«Золотой фонд театральных постановок России» куонкуруска кыттарга бастыҥ испэктээктэри талыы бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ. Барыта 300…

36 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьахтар урукку кэргэнэ күнүүлээн автомагнитоланы алдьаппыт

ИДьМ 2 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар дьахтар биллибэт эр киһи массыынатын иһигэр автомагнитоланы  алдьаппытын туһунан…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Владимир Путин Саха сиригэр историческай сырыытын түмүктэрэ

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сыл бэс ыйын 18 күнүгэр Саха сиригэр сырыыта бэлиэ түгэнинэн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн — Арассыыйаҕа оҕо тэлэбиидэнньэтэ төрүттэммит күнэ

Бүгүн, тохсунньу 18 күнүгэр, Арассыыйаҕа оҕо тэлэбиидэнньэтэ тэриллибит күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1963 сыллаахха ССРС…

2 часа ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга анаан муҥхалаатылар

Бу күннэртэн Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгэр сылын аайы ыытыллар тохсунньутааҕы муҥха саҕаланна. Бастаан Билиилээх диэн…

2 часа ago