Салгыы
Айсен Николаев: «Үүнэ-сайда, чэчирии тур, тапталлаах Дьокуускай куораппыт!»

Айсен Николаев: «Үүнэ-сайда, чэчирии тур, тапталлаах Дьокуускай куораппыт!»

Ааптар:
08.09.2024, 09:00
Бөлөххө киир:

Төрөөбүт күҥҥүнэн, Дьокуускай! 

Дьокуускай — биһиги өрөспүүбүлүкэбит тэбэр сүрэҕэ, манна устуоруйа уонна аныгы кэм, үгэстэр уонна инновация силбэһэр сирэ. Биһиги киин куораппытынан, манна баар элбэх национальнай култууратынан, талааннаах, үлэни таптыыр олохтоохторунан киэн туттабыт. Манна төрөөбүт-үөскээбит уонна олоро-үлэлии кэлбит дьон бары биир улахан дьиэ кэргэнинэн буолаллар, онон бу бырааһынньыктааҕы күн барыбытын ситимниир!

Мин Дьокуускайы таптыыбын, олохтоохтор куораты салайыыны миэхэ эрэммиттэригэр, мин кинилэр киэн тутталларын гына кыаҕым муҥунан барытын оҥорбутум. Билигин биһиги улахан бырайыактары олоххо киллэрэбит, ол иһигэр олох хаачыстыбата үрдүүрүгэр туһуламмыт куорат маастар-былаана баар. Дьокуускайга саҥа социальнай эбийиэктэр тутуллаллар, дьон-сэргэ сынньанар сирдэрэ оҥоһуллаллар, инфраструктура сайдар. Куораппыт күннэтэ тупсан иһэр.

Үүнэ-сайда, чэчирии тур, тапталлаах Дьокуускай куораппыт!

Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 80% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: