Айсен Николаев «Звезднай» түөлбэҕэ суолу кэмигэр тутарга сорудахтаата

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускайка «Звезднай» түөлбэҕэ киирэр суол ситимин тутуу бастакы түһүмэҕин түмүктүүргэ сорудахтаата.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга маннык сорудаҕы от ыйын 17 күнүнээҕи Саха сиригэр эбийиэктэри тутуу хаамыытын хонтуруоллуур суһал ыстаап мунньаҕар биэрдэ.

«Инженернэй инфраструктуратын ситимин тардыыга кыра кыһалҕалар баалларынан, суол оҥоруутун бастакы түһүмэҕин ыйыллыбыт болдьоҕор ситэриллибэт куттала баар. Болдьоҕо уларыйара табыллыбат. Бастатан туран, түөлбэҕэ олорор дьон туһунан саныахтаахпыт. Куорат мэрията бэдэрээччиттэри кытта үөскээбит кыһалҕалаах боппуруостары барытын быһаарарга сорудахтаатым», — диэн Айсен Николаев ТГ-ханаалыгар суруйда.

Хаартыска: СИА

Маны сэргэ мунньах кэмигэр Нерюнгритааҕы киин балыыһа эбийиэктэрин саҥардыы уонна Мииринэйгэ политехническай лиссиэй успуорт саалатын тутуу хаамыытын көрдүлэр. Икки бырайыактарынан үлэ кыраапыгынан баран иһэр. Маны сэргэ Айсен Николаев Нерюнгритааҕы киин балыыһаны мэдиссиинэ оборудованиетынан хааччыйыыны хонтуруолга тутарга уонна Политехническай лиссиэй эбийиэгин быйыл үлэҕэ киллэрии боппуруоһун быһаарарга сорудахтаата. 

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев дьоҕус уонна орто биисинэһи тупсарыыга тыл эттэ

Айсен Николаев урбаан координационнай сэбиэтин бу сыллааҕы бүтэһик мунньаҕар дьоҕус уонна орто биисинэс интэриэһин көмүскүүр…

33 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка сыл бастыҥнарын чиэстээтилэр

Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр 2024 сыл түмүгүнэн улуус култуураҕа, спортка уонна социальнай…

52 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Билиэҥҥэ түбэспит уонна сураҕа суох сүппүт дьон оҕолоругар төлөбүр көрүллүөҕэ

Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…

1 час ago
  • Сонуннар

Буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Маймаҕаҕа түөрт кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ

Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан 4 кыбартыыралаах дьиэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Саҥа дьыл кэлэн иһэрин һунтаардар абытайдык биллэрдибит быһыылаах…»

Сунтаарга быйылгы хаар оҥоһуктарбыт уран ууһа бэрт ураты буочардаах, дьээбэ урамньылаах буолла... Бу умсугутуулаах урамньыны…

3 часа ago