Салгыы
Айсен Николаев дойду тырааныспарын логистикатын сайдыытын быһаарсар мунньахха кытынна

Айсен Николаев дойду тырааныспарын логистикатын сайдыытын быһаарсар мунньахха кытынна

Ааптар:
16.11.2023, 09:37
Хаартыска: Айсен Николаев телеграм-канаалыттан.
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев РФ Тырааныспарка министиэристибэтэ сылын аайы тэрийэр тырааныспар нэдиэлэтэ диэн сиэссийэ мунньахха кытынна. Бу туһунан тус бэйэтин телеграм-канаалыгар иһитиннэрдэ. 

Хаартыска: Айсен Николаев телеграм-канаалыттан

«Дойдубут логистикатын сайыннарыыга олус  интэриэһинэй, киэҥ далааһыннаах кэпсэтии буолла. Аныгы усулуобуйаҕа логистиканы уонна тырааныспартнай сүрүн суоллары сайыннарыы дойдулар икки ардыларыгар сибээс олохтохтонуутугар уонна экэниэмикэни үрдэтиигэ, сайыннарыыга төһүү күүһүнэн буолар.  Соторутааҕыта Пекиҥҥэ ыытыллыбыт «Биир эргимтэ — биир аартык» пуорумҥа Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ  Владимир Владимирович Путин аан дойду таһымнаах саҥа тырааныспартнай көрүдүөрү ыйбыта, ол иһигэр  Саха сирэ эмиэ баар. Ол курдук, бу көрүдүөр Азия-Тиихэй акыйаан дойдуларын Хотугу муора суолун кытта холбуоҕа. Манна сүрүн суолталаах эбийиэгинэн Өлүөнэ күргэтин тутуу буолар. Бу сүүнэ тутууну дойдубут Бэрэсидьиэнэ 2028 сылга  үмүрүтэргэ сорудахтаабыта» — диэн Айсен Сергеевич санаатын үллэстэр.

Саха сирин билиҥҥи сүрүн сыалынан-соругунан территориялар икки ардыларыгар сибээһи, сырыыны олохтооһун буолар. Билигин саҥа суоллары, муосталары, тимир суолун, авиапортары уонна өрүс, муора пуортарын оҥоруу, тутуу  күүскэ бара турар. «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак быһаччы көмөтүнэн, хаһааҥҥытааҕар даҕаны киэҥ хабааннаах үлэ ыытыллар. Ол курдук, ааспыт биэс сылга 2,5 тыһ. км уһуннаах суол саҥардылынна, 50 муоста тутулунна.  Өрөспүүбүлүкэ авиапортарын саҥардан оҥоруу ыытыллар. Саамай сүрүнэ, бу үлэ салгыы ыытылла турар.

#Бары бииргэ.Иннибит диэки.

+1
1
+1
1
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -45°Влажность: 74% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: