Айсен Николаев: “Кыайыыга киллэрбит кылааппыт сыаналанна”
Бүгүн, сэтинньи 16 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпиирэ үөрүүлэх сонунтан саҕаланна.
Дьокуускай куорат “Килбиэннээх үлэ куоратын” аатын ылбытынан эҕэрдэлээтэ. “Бу биһиги биир дойдулаахтарбыт тыылга үлэлээн, кыайыыга киллэрбит кылааттара. Былырыын Алдан куорат итинник аакка тиксибитэ. Быйыл өссө 9 куорат эбилиннэ. Ити иһигэр, Дьокуускай куорат баар. Маныаха историктарбытыгар, уопсастыбанньыктарга, бэтэрээннэрбитигэр, дойдубут Бэрэсидьиэнигэр махтанабыт! Билигин үгүс арҕаа дойдулар ити Улуу Кыайыы түмүгүн туора сото сатыыллар. Алдан уонна Дьокуускай куораттарга Үлэ албан аатын стелатын оҥороллоругар сорудахтаатым”, — диэтэ кини.
Айсен Сергеевич салгыы быстах хомуурга сылдьар дьон дьиэ кэргэттэрин кытта командировкаларга бардаҕына көрсөрүн туһунан кэпсээтэ. Маннык көрсүһүүлэр Алдаҥҥа, Нерюнгригэ сырыттаҕына буолбуттар. Туох-ханнык иннинэ бу дьиэ кэргэттэргэ сылдьан, баар кыһалҕалары билсэр эбит. Муниципальнай былаас, уопсастыбаннас ханна даҕаны байыастар дьиэ кэргэттэрин болҕомтоҕо тутуохтааҕын өссө төгүл санатта.
Быһа эпиир кэмигэр киирбит ыйытыыларга хоруйдаата. Анастасия Егоровна диэн көрөөччү Чульмаҥҥа аһыллыбыт каток курдугу атын оройуоннарга арыйыахтара дуо диэн ыйытта. Маныаха Айсен Николаев бу катоктары “Газпром” көмөтүнэн оҥорбуттарын бэлиэтээтэ. Аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир тутуулар баар буолуохтара диэн эрэннэрдэ.
Кини салгыы Саха сирин быраастара ДНР-га бара сылдьыбыттарыгар тохтоото. Харах эрэ быраастара буолбакка, кардиолог, УЗИ аппараатыгар түһэрээччи курдук анал идэлээхтэр сылдьыбыттарыгар махтанна. Ити дойдуларга 1991 с. кэнниттэн мэдиссиинэ сайдыбакка хаалан, дьон-сэргэ ыарыытын эмтэнэригэр эрэйи көрбүтүн бэлиэтээтэ. “Быраастарбыт өссө эпэрээссийэлээтилэр, анараа быраастары тута миэстэтигэр үөрэттилэр. Кэлэр сылга бастакы кыбаарталга тэрийэн, командировкаҕа ыытыахпыт”, — диэн чопчулаата.
Баан устубут сууматын төннөрүөхтээх
Быһа эпииргэ анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сыһыаннаах ыйытыылар киирдилэр. Мария Васильевна Иванова байыаннай дьайыыга сылдьар уолун баан каартатын тутан ылбыттарын (арест) туһунан эттэ. “Харчыны анал счекка ыытабыт, ону ким да устар бырааба суох. Быһата, бу байыаска төлөнөр харчы көмүскэллээх, онон бааннар бу устубут суумаларын төнүннэриэхтээхтэр”, — диэтэ быһаччы.
Сунтаар олохтооҕо Иванова коронавирус дьаҥа турбутугар босхо мааска тигэн көмөлөспүттэрин, аны бу быстах хомуурга хабыллан барбыт дьоҥҥо анаан кээнчэ, үтүлүк босхо тикпиттэрин этэн туран, маны киминэн, хайдах ыыталларын туоһуласта. Айсен Сергеевич бу көмөлөрүн иһин дьахталларга махтанна. Кини этэринэн, хас биирдии оройуоҥҥа биир кэлим сүрүннүүр кииннэр тэриллибиттэр, онон Сунтаар улууһун дьаһалтата бу боппуруоһу быһааран, сэтинньи 20 күнүн кэннэ ыытыллыаҕа диэтэ.
Оҕолорго Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар буолуохтара
Анаабыртан Римма Васильевна быйыл “Ил Дархан харыйата “ ыытыллыа дуо диэн ыйыппытыгар төһө да атын кэм буоллар, оҕо-аймах күүтүүлээх бырааһынньыгын, уопсайынан оҕо бырааһынньыктарын ыытыахпыт, оттон тэрилтэлэргэ корпоративтары киэҥник бэлиэтиир маннык кэмҥэ табыгаһа суох буолуоҕа, кыайыы буоллаҕына, салюттуур да кэм кэлиэҕэ”, — диэн хоруйдаата.
Быһа эпиири ыытааччы “Квартал труда” кластер туһунан ыйытыытыгар хоруйдууругар кини Уһук Илиҥҥэ бу саамай улахан кластерынан буолуоҕа, манна 150 резидент киириэҕэ диэтэ. Кластеры тутуу иһин Юрий Трутневка, Алексей Чекунковка махтанна.
Дьокутааттар өйөөбүттэр
Бүгүн СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) 40-с пленарнай мунньах ыытылла турар. Итиниэхэ сибээстээх ыйытыыга Ил Дархан пленарнай мунньахха бу сарсыарда кыттыбытын, онно Төрүт Сокуоҥҥа уларытыылары киллэриини дьокутааттар көрбүттэрин уонна биир санаанан куоластаабыттарын туһунан иһитиннэрдэ. Ону тэҥэ мунньахха бүддьүөт боппуруоһа көрүллүбүт. “Бүддьүөппүт 318 млрд солк. тэҥнэстэ, быһата, 43 млрд солк. улаатта”, — диэн иһитиннэрдэ.
Ити курдук, Ил Дархан быһа эппирин кэмигэр араас тиэмэлэри таарыйда.
Хаартыска: интэриниэттэн
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: