Айсен Николаев “Цифровой алмаз” федеральнай пуоруму арыйда
Ил Дархан Айсен Николаев “Цифровой алмаз” иккис федеральнай пуоруму арыйда. Тэрээһин Дьокуускай куоракка “Үлэ кыбаартала” креативнай кластерга үлэтин саҕалаата.
Эрэгийиэн баһылыга пуорум кыттааччыларын эҕэрдэлии көрүстэ уонна бу тэрээһин ыытыллыытыгар өйөбүлүн иһин РФ Сыыппараҕа сайдыытыгар, сибээскэ уонна маассабай коммуникацияларга министиэристибэтигэр, пуорумҥа бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэргэ махталын биллэрдэ.
“Цифровой алмаз” иккис федеральнай пуорум Уһук Илин саамай улахан креативнай кластерыгар – “Үлэ кыбаарталыгар” буолар. Пуорумҥа цифровой контент, искусственнай интеллегы сайыннарыы, дойду эрэгийиэннэрин сыыппараҕа бастыҥ быраактыкаларын туһунан кэпсэтиэхтэрэ.
“Түгэнинэн туһанан, тэрээһини ыытыыга РФ Сыыппара сайдыытыгар, сибээскэ уонна маассабай коммуникацияларга министиэристибэтэ өйөбүлүн уонна бииргэ үлэлэһиитин иһин махтанабын. Икки күн устата “Цифровой алмаз” былаһааккатыгар хас даҕаны тыһыынчанан киһи сылдьыаҕа. Пуорум иитинэн анимация, киинэ, медиа, цифровой уопсастыба сайдыытын эйгэтигэр дойду бастыҥ хампаанньаларын уопуттарыгар аналлаах “төгүрүк остуоллар” ыытыллыахтара. Ону тэҥэ, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан билигин бэлэмнии сылдьар “Экономика данных” саҥа национальнай бырайыак систиэмэтин дааннайдарын тэрийиини ырытыһыахпыт”, — диэн Айсен Николаев эттэ.
Эрэгийиэн баһылыга пуорум практическай ис хоһооннооҕун бэлиэтээтэ. “Федеральнай уонна эрэгийиэн таһымнаах чопчу көҕүлээһиннэри түмүөхпүт, олор истэригэр “Экономика данных” саҥа национальнай бырайыакка. Арассыыйа эрэгийиэннэригэр киинэни уонна анимацияны сайыннарыыга, оонньуулары оҥорууга, ону тэҥэ, үрдүк технологиялар эйгэлэригэр каадырдары бэлэмнээһин Арассыыйатааҕы салаатын сайыннарыыга этиилэрин киириэхтэрэ”, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
“Цифровой алмаз” иккис федеральнай пуорум Дьокуускайга бу сыл сэтинньи 23-24 күннэригэр ыытыллар. Кыттааччылар экэниэмикэни, искусственнай өйү сайыннарыы, “ГосТех” платформаны, үөрэххэ сыыппара киириитин, цифровой контеннары, о.д.а. эйгэлэр тула кэпсэтиэхтэрэ. Пуорум дьыалабыай бырагырааматыгар түөрт трек киирбит: «Цифровое будущее. Новые горизонты», «Цифровой контент в образовании», «Геймдев 3.0» и «Цифровое Медиа».
Санатан эттэххэ, Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ ИТ-өҥөнү таһаарыыга инники күөҥҥэ уонна дойду эрэгийиэннэригэр уон бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар. Өрөспүүбүлүкэҕэ инновационнай экосистиэмэ тэрилиннэ, ол сүрүн киининэн “Якутия” технопаарка, ИТ-паарка, “Якутия” венчурнай хампаанньа, Үрдүк үөрэхтэр уонна сайыннарар институттар буолаллар.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: