“Айта” диэн ааттаах киинэ хаһан тахсарын сылтан ордук кэтэспит көрөөччү элбэх. Бу бырайыак үлэҕэ киириэҕиттэн, кэлиэхтээх көрөөччүнү кытта үлэ саҕаламмыта. Киинэ уһулла илигиттэн саалаах дьон полиция учаастагын осадаҕа ылбыт каадырдара тизер быһыытынан тахсан, “тыый, сүрдээх киинэ тахсаары сылдьар эбит” диэн кэпсэтиини күөдьүппүтэ.
“Айта” – продюсерскай бырайыак быһыытынан олус кичэллээхтик таҥыллыбыт үлэ. Быракаат маҥнайгы күннэрэ бу үлэ ситиһиилээхтик барбытын туоһулуур – киинэ тахсыбыт маҥнайгы күнүгэр 2 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайга билиэт атыылаан, сахалыы киинэ саҥа рекордун олохтообута. Ол эрэн, “Айта” кэмиэрчэскэй бырайыак быһыытынан ситиһиилэрин таһынан, атын киинэлэртэн чорбойор өрүттэрдээх. Олор туһунан кэпсэтиэҕиҥ.
ДЬИҤНЭЭХ ОЛОХХО БУОЛУОН СӨП ДУО?
Бу уус-уран айымньыга бэрт элбэх сытыы кыһалҕа өрө күөрэтиллибит. Кэлии дьоҥҥо туспа сыһыан, үһү-бадах сурах дьон өйүн сүүйүүтэ, оҕону иитии, эр киһи ыгым кэмҥэ талар суола, полиция сөптөөх үлэтин суолтата, онтон да атын олоххо көрсөр кыһалҕаларбыт таарыллыбыттар. “Айта” ис хоһоонун киинэни таптаан көрөөччүлэр үгүскүт билэн олорор буолуохтааххыт.
Кылгастык кэпсээтэххэ: Бөһүөлэккэ алдьархай буолар, кыыс оҕо моҥнон өлөр. Тиһэх суругар Афоня диэн аат ахтыллыбыт. Уорбалааһын полицияҕа үлэлиир кэлии нуучча уолугар түһэр. Кыыс уордайбыт аҕата атастарын мунньан бу киһини полиция учаастагыттан туура тардан дьууктуурга сананар. Полиция тойоно бэйэтин тус санаатын хам баттаан туран, сокуон этэринэн уорбаламмыт киһини суута суох дьаһайыыттан көмүскүүр. ПДН (сааһын ситэ илик оҕолору кытта үлэ салаата) үлэһитэ дьахтар бу кэмҥэ кырдьыгы буларга үлэлэһэр.
Дьэ ити курдук. Бэрт тыҥааһыннаах түгэни хоһуйар киинэ, этэргэ дылы, хара маҥнайгыттан бүтүөр диэри атыҥҥа аралдьыппакка, болҕомтону тардар. Ол да буоллар, биир санаа арахпат – “бу олоххо буолуон сөптөөх түбэлтэ дуо?” Саалаах-саадахтаах сокуон бэрэстэбиитэллэрин утары барыы, ама буолуон сөптөөх түгэн дуо?
Сүүрбэччэ сыл анараа өттүгэр суруналыыс быһыытынан саҥа үлэлии сылдьан биир ыраах нэһилиэккэ бара сылдьыбыттаахпын. Иэдээннээх баһаар түмүгэр биир күн иһигэр элбэх оҕо тыына быстыбыт этэ. Улуус үрдүнэн арыгы атыыта бобуллубут этэ, нэһилиэк олохтоох дьаһалтата ыаллартан сааларын хомуйан ылбыт үһү диэн кэпсээбиттэрэ… Эвакуацияны сөпкө тэрийбэтэх дьон утары дьон уордайбыта сүр этэ. Онно өйдөөбүтүм – синиттэн таҕыстаҕына, норуот баламаттык быһыыланыан сөптөөҕүн. Аны адьас соторутааҕыта “Триумф” саалатыгар түмсүүнү санаан ылыаҕыҥ.
Тус бэйэм санаабар, киинэҕэ көстүбүт дьиҥ олоххо буолара бэрт саарбах. Абарбычча тутатына сааланыы – киһи итэҕэйэр түгэнэ. Былаан оҥостон холуобунай дьыалаҕа куомуннаһыы, тута сатамматаҕын кэнниттэн өссө биирдэ төхтүрүйэн холонуу хайдах эрэ саха киһитигэр сөбө суох быһыы-майгы. Ол эрэн, сытыы ис хоһоонноох киинэҕэ туһугар илэ олоҕу уонна өйтөн ылан оҥорон көрүүнү ыпсарыы олус итэҕэтиилээхтик таҥыллыбыт.
ХОҺУЙУУ КҮҮҺЭ
Степан Бурнашев “Биһиги кыһыммыт” киинэҕэ билсиспит туруорааччы-оператор Данила Горюнковтуун устубут. Онтуката өтө көстөр – киинэлэргэ оператор “буочара” ааҕыллар. Туспа көрүүлээх, уопсай гармонияны табар талааннаах эдэр уол “Айта” киинэни олуһун киэргэппит. Дьиҥэр, киинэ устата быыстала суох ардах түһэр, көстөр сэһэн улахан аҥаара түүн буолар. Ол үрдүнэн, уус-уран айымньы быһыытынан олус кыраһыабайдык уһуллубут киинэ. Олох соторутааҕыта Саха сиригэр үксүн маннааҕы оператордар эрэ үлэлиир этилэр.
Степан Горюнкову маҥнайгы кыттыгас оҥорбут үлэлэригэр “кыһалҕаттан”, бары биллэр оператордар ол түгэҥҥэ солото суох буоланнар, ыҥырбыт этэ. Кини дьолугар, оператор үөрэхтээх эрэ буолбакка, айылҕаттан айдарыылаах маастарга түбэспит быһыылаах. “Айта” биир чорбойор уратыта – артыыстар сирэйдэрин чугастан устуу ньыматынан киинэ сүрүн тыына уларыйыытын көрдөрүү. Ыгылыйыы, абарыы, саарбахтааһын, нүһэр санааҕа баттатыы көрөөччүгэ тута бэриллэр гына уһуллубут.
ТАҺЫМНААХ ООННЬУУ
Бу киинэҕэ оонньообут артыыстары барыларын кэриэтэ ааттарын ааттаан хайҕыахпын баҕарабын. Биллэн турар, киинэ сүрүн дьоруойдара Иннокентий Луковцев уонна Андрей Фомин уһулуччу таһымнаах оонньууну көрдөрдүлэр. Андрей Фомин бэстибээлгэ “Хара хаар” киинэни көрөн баран Бурнашевка сөҕүүтүн биллэрэн сурук суруйбут, ол кэмҥэ режиссер нуучча сирэйдээх артыыһы көрдүү сылдьыбыт эбит… ити курдук Дьылҕа Хаан киниэхэ олус барсар оруолу тэбэн биэрбит. Кэлии киһи оруолун Фомин чопчу түбэһиннэрэн оҥорон таһаарбыт. Луковцев кыыс оҕолоох аҕа уонна үлэтин иэһин эҥкилэ суох толорор киһи ис санаа охсуһуутун көрдөрөр уустук оруолу толорор. Таһыгар таһааран аймаммакка, хамсаныынан, сирэйин быһыыта биллэр-биллибэт уларыйыытынан бэрт итэҕэтиилээхтик, уһулуччу оонньуур.
Иккис ыарахан оруоллаах паара – Георгий Бессонов уонна Ильяна Павлова. Соҕотох оҕолорун сүтэрбит төрөппүттэр ыарыыларын тус туһунан ааһыналлар – кыыс ийэтэ Галина бэйэтин буруйдуур, оттон сүтүктээх аҕа, Айаал атын буруйдааҕы булан иэстэһэн уоскутуна сатыыр. Олоххо баар дьон майгытын оруол олохтообут түгэнигэр түһэрэн ылыы – улахан сатабылы ирдиир үлэ. Бессонов уонна Павлова оҥорон таһаарбыт дьоруойдарыгар туох да хос санаата суох итэҕэйэҕин. Уопсайынан, “Айта” арыый эмэ тыллаах-өстөөх оруоллара барыта артыыһы арыйаллар, дириҥ оонньууну ирдииллэр. Людмила Малыкайцева идэтийбэтэх артыыс эрээри, киинэ биир тутаах оруолун олус үчүгэйдик арыйан оонньоото, урут кэмиэдьийэлэргэ оруолларынан биллэр Спартак Ларионов эдэр нэһилиэк баһылыгын эмиэ ис-киирбэхтик, итэҕэтиилээхтик көрдөрдө. “Айтаҕа” оонньообут артыыс бөлөҕө чахчы туйгун сыананы ылар.
СААРБАХТАТАР СЦЕНАРИЙ
Дьиҥнээх олоххо буолара саарбах соҕус сэһэҥҥэ олоҕурбут сюжет сөптөөх хайысханан сайдарын туһугар арыый халытыылаах соҕус түгэннэрдээх дуу дии санаатым (көрө илик ааҕааччы, бу кэрчиги эмиэ тумнан ааһарыҥ ордук буолуо). Холобур, ирдиир киһилэрин уунан күрэтээри сылдьалларын истэн баран, кытылга баар тыылары ууга ыытан кэбиһэргэ сананаллар. Полиция учаастагын осадалыыр оннугар кытылга тоһуур оҥорор ордуга көстөн турар курдук ээ. Аны моҥнубут кыыс дьыалатынан силиэстийэ дэриэбинэҕэ баар Оппуонньалары барытын испииһэктиир, ол кэмҥэ өлбүт кыыс төлөпүөнүн саамай тиһэх түгэҥҥэ көрдүүллэр. Аныгы оҕо олоҕун улахан аҥаара төлөпүөнүн иһигэр баара эмиэ өйдөнөр түгэн курдук. Чэ, ити курдук бириинчиктэстэххэ, хас да түгэн баар эрээри… ыгым кэмҥэ, биир күн эрэ иһигэр буолбут быһылааҥҥа булумахтаныы, сыыһа-халты туттуу баара биллэр.
Өссө биир режиссер быһаарыытын испэр киллэрбэтим – киинэни түмүктүүр түһүмэххэ быһылаан кыттыылаахтара уопсай остуол тула олорон ис санааларын этэллэр. Олоххо маннык ырытыы баар буолуон сөп эрээри, киинэҕэ ис хоһоону арыйарга бу ньыма арыый толоостук көстөр. Манна ааптар, баҕар, туох эрэ туспа санаалааҕын таайбатах буолуохпун сөп.
ТҮМҮККЭ
Степан Бурнашев тиһигин быспакка үлэлиир, хас бырайыагын аайы сайдыы саҥа суолларын булар саха киинэтин маастара. Бу үлэтигэр айар худуоһунньук эрэ үлэтинэн муҥурдаммакка, киинэни табаар быһыытынан көрөөччүгэ тиэрдээһин саҥа ньымаларын тургутан көрөн, саха киинэтин сайдыытыгар саҥа суоллары арыйда. “Айта” – Саха сиригэр оҥоһуллубут киинэ эрэгийиэн таһыгар тахсарга холонуу бастакы холобура буолбатах. Ол эрэн, бу курдук тохтоло суох бэйэ оҥоруутун тас таһаарааһыҥҥа холонууттан сыыйа ситиһии кэлиэн сөп. Ситиһии бу эйгэҕэ эмискэ кэлбэтэ өйдөнөр. Бу курдук аҥаар кырыытыттан үлэлээн истэхтэринэ, саха киинэһиттэрэ Арассыыйа маассабай көрөөччүтүгэр кэрэхсэбиллээх буолуохтарын сөп курдук.
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, биир дойдулаахтарын…
"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…
Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…
Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…
“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…
Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн…