«Айтал уонна Аптаах күүс» диэн саҥа ойуулугу оҥордулар
Ахсынньы бүтүүтэ саҥа ойуулук күн сирин көрүөҕэ. 20 сиэрийэлээх «Айтал уонна Аптаах күүс» диэн ойуулугу «Саха» НКИХ анимационнай устуудьуйатыгар айан, уруһуйдаан, оҥорон таһаардылар.
Былырыын «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа кырачааннарга анаан «Тооку» ойуулук 20 сиэрийэтин таһаарбыта. Оҕолору бу ойуулугу олус сөбүлээбиттэрэ. Онон өссө 20 сиэрийэтэ оҥоһуллара былааннанар.
Сахалыы тыллаах-өстөөх ойуулуктар оҕо төрөөбүт тылынан саҥарарыгар төһүү күүс буолаллар. Билиҥҥи тэтимнээх үйэҕэ, глобализация, интэриниэт күүскэ сайдыбыт кэмнэригэр, саха тылын эйгэтэ кэҥиэхтээх. Оттон оҕолорго ойуулук, уруһуй ньыматынан үөрэтэр ордук табыгастаах.
Ил Дархан Айсен Николаев бу маннык ойуулуктар тахсалларын өйүүр. Кини этэринэн, саха ойуулуктара оҕолору аралдьытар, сааратар эрэ буолбатахтар, төрөөбүт тылларынан саҥара үөрэнэллэригэр көмөлөһөллөр.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһататын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: