Айтал Яковлев: «Алта сыл иһигэр баараҕай уларыйыылар былааннаммыттар»
Ил Дархан Айсен Николаев СӨ тырааныспарын уонна энергетическэй инфраструктуратын сайыннарыыга туһуламмыт ыйаахха илии баттаата.
Туһааннаах ыйааҕынан ХИФУ ИФ доцена, историческай билим хандьыдаата Айтал Яковлев санаатын үллэһиннэ:
— Ил Дархан тырааныспар уонна энергетика инфраструктуратын сайыннарыы туһунан стратегическай ыйааҕа өрөспүүбүлүкэ олоҕор сүдү сабыдыаллаах буолар чинчилээх. Саха сиригэр хаһан баҕарар суол-иис кыһалҕата тыын боппуруос. Кыһын, күһүн, саас күн-дьыл уларыйыыта сырыыны хааччахтыыра дьон күннээҕи олоҕор күүскэ дьайар. Оттон бу ыйаах баар балаһыанньаны уларытарга анаммыта көстөр. Баараҕай үп үлэҕэ киирэн, алта эрэ сыл иһигэр улахан уларыйыылары аҕалыаҕа.
Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Амма уонна да атын киин улуустар билигин даҕаны гаас ситимигэр холбоно тураллар. Бу ыйаахха ыйыллыбыт 750 км гаас ситимэ тутулуннаҕына, саҥардылыннаҕына өссө элбэх киһи оһоҕу кэтиир кыһалҕаттан босхолонуохтара. Бу дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарар. Суолу аспааллааһыны тэҥэ уу тырааныспарын сайыннарыы ыйыллыбыта сөптөөх. Арктика улуустарын хааччыйыы, хотугу дьон олоҕун тупсарыы билигин уу тырааныспарыттан эмиэ тутулуктаах. Стратегическай ыйаах үлэҕэ киирэрин кэтээн көрүөхпүт, бэйэбититтэн тутулуктааҕы бу туһугар оҥоруохпут.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: