Айтал Яковлев: Cудаарыстыбаннас диэн норуот сайдыытын таһыма
«Саха сирэ» хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Чокуур Гаврильев “Сэмсэ санаа” биэриигэ историческай наука кандидата Айтал Яковлевтыын судаарыстыбаннас өйдөбүлүн, саха омугун сайдыытын кэрдиистэрин, ыччат туһунан кэпсэттэ.
Судаарыстыбаннас диэн тугуй?
— Устуоруйа учууталыгар тута бүгүҥҥү кэпсэтиибит сүрүн ыйытыгын тута биэриим. Судаарыстыбаннас диэн өйдөбүлү эн хайдах өйдүүгүн, чуолаан Саха судаарыстыбаннаһын туһунан устудьуоннаргар хайдах кэпсиигиний?
— Бэйэм, Саха судаарыстыбаннаһа турар 90-с сылларга оскуолаҕа алын кылаастарга үөрэнэ сылдьыбыт киһибин, онон илэ ол кэмнээҕи быһыыны-майгыны өйдөөн сигэнэр кыаҕым суох. Устуоруйа науката судаарыстыбаннаһы биэс тирэх өйдөбүлүнэн биэрэр — цивилизация, култуура, судаарыстыба, уопсастыба уонна киһи. Бу туһунан 18 саастарын туола илик маҥнайгы куурус устудьуоннарыгар бу билигин кэпсээн кэллим.
Уопсайынан судаарыстыбаннас бэрт дьикти өйдөбүл. Аан дойдуга баар судаарыстыбалар бары суверенитеттаахтар. Сахалар Арассыыйа Федерациятын суверенитетыгар олоробут. Билигин даҕаны политологтар, юристар, историктар, культурологтар “судаарыстыбаннас диэн тугуй?” диэн ыйытыкка биир таба хоруйу булан сатыыллар. Араас быһаарыы бэриллэр. Тус бэйэм, историк быһыытынан мин маннык өйдөбүлү тутуһабын – судаарыстыбаннас диэн норуот таһыма, сайдыытын көрдөрүүтэ. Норуот ол сайдыыны өйдүүр дуу, тутан хаалан инники көлүөнэҕэ биэрэр кыахтаах дуу диэн буолар. Норуот сайдыытын үстүрүмүөнэ буолар.
— Сахалар судаарыстыбаннаспытын тутар кыахтаахпыт дуо?
— Тута сылдьабыт. Бэйэм историк быһыытынан, “хайдах сахалар, бэрт аҕыйах 400 тыһыынчаттан эрэ тахса ахсааннаах норуокка судаарыстыбаннас бэриллибитэй?” диэн дьиктиргиибин, өйдүү сатыыбын.
Судаарыстыбаннаһы тутар кыахпыт туохха сытарый? Мин санаабар, сахаларга туһаайан эттэххэ, оннук сүрүн күүһүнэн норуот үөрэххэ талаһыыта буолар. Ханнык да дэриэбинэҕэ тиийэн, ханнык баҕар оҕоттон “оскуола кэнниттэн ханна бараҕын?” диэн ыйыттахха, бары кэриэтэ “үрдүк үөрэххэ туттарса барабын” диэҕэ. Сүрүн биричиинэ итиннэ сытар дии саныыбын. Сахалартан үрдүк үөрэҕи былдьаатын даҕаны, ону кытта судаарыстыбаннаһын туура тардан ылаҕын, дии саныыбын.
— Сайдыы тэтимин батыһар, тулалыыр омуктартан, норуоттартан саҥа билиилэрин сүһэн ылан тэҥҥэ сайдан иһэр омук чахчы кыахтаах буоллаҕа. Эн этиигин кытта сөбүлэһэбин.
Сүүс сыллаах муҥутуур сайдыы
— Соторутааҕыта Татар-
стаҥҥа баран кэллим. Татаардар биир өрөспүүбүлүкэ күннээхтэр. Кинилэр 90-с сылларга туппут өрөспүүбүлүкэ күнүн бэлиэтииллэр эрээри, 20-с сылларга ситиспит автономия статуһун бырааһынньык күн курдук көрсүбэттэр эбит.
— Татаардарыҥ түҥ былыргыттан кэлбит улуу норуот. Арассыыйаҕа нууччалар кэннилэриттэн ахсааннарынан иккис улахан омук буолар. Ислам итэҕэлин ылыммыттара тыһыынчаттан тахса сыл буолла. Бэйэлэрин омук быһыытынан билиммиттэрэ ыраатта. Татаар буолла – мусульманин буолар.
Сахалары ылан көрдөххө, 20-с сылларга сэбиэскэй былааһы кытта профессиональнай култуура үөскүүр. Оччолорго бэйэбитин норуот курдук сананарга үстүрүмүөнү тутабыт. Сорох дьон “сэбиэскэй былаас сахалары омук быһыытынан суох оҥоро сыста, култуурабытын, тылбытын симэлитэ сатаабыта” диэн этэллэрин мин төрүт сөпсөспөппүн. Бу ааспыт 100 сыл сахаларга сүдү сайдыыны аҕалбыта. Холобур, биир үйэ анараа өттүгэр Мэҥэ Хаҥаласка олорбут 12 саастаах кыыс оҕону кытта бүгүҥҥү Майаҕа олорор кыыһы кэккэлэһэ туруордахха, олох туспа санаалаах, сайдыылаах дьону көрүөхпүт. Автономияны кытта биһиэхэ судаарыстыбаннас олуга кэлбитэ, ол иһин биһиэхэ ити даата олус улахан суолталаах. Ол иһин муус устарга бэлиэтиир өрөспүүбүлүкэбит күнүн умнуо суохтаахпыт.
— Иккис бэлиэтиир даатабыт — 90-с сылларга туппут судаарыстыбаннаспыт күнэ. Сайдыыга туспа суолталаах, эмиэ улахан даата буоллаҕа?
— Сөпкө этэҕин. Саҥа кэрдиис. Өскөтүн ити мин этэр үөрэҕириим өттүттэн ыллахха, автономияны кытта саха омуга үөрэхтэнэр, ааҕар, суруйар дьоҕуру ылар. Онтон үйэ ортото Саха судаарыстыбаннай университетэ тэриллэригэр, үрдүк үөрэх күүһүн өйдүүр, дойдубутугар профессионаллар баар буолуохтаахтар диэн өйдөбүл кэлэр, бэйэбитигэр идэлээх каадырдар баар буолаллар.
90-с сылларга өрөспүүбүлүкэ статуһун ылыыны кытта саҥа кэрдиис кэм кэлэр – аан дойду таһымыгар тахсар кыахтаах омук буоларбытын өйдүүбүт. Аан дойду сайдыытыттан хаалсыа суохтаахпыт диэн. Судаарыстыбаннаһы кытта “атын омуктартан хаалсыа суохтаахпыт, бииргэ сайдар кыахтаах эбиппит” диэн санаа олоҕурар.
Кырдьаҕас эрээри, эдэр омукпут
— Сахалар нуучча судаарыстыбатыгар киирэ иликпитинэ, Дыгын саҕана судаарыстыбаннас тутуутугар чугаһаабыт норуот этибит диэн ырытыы, мөккүөр баар. Ол туһунан эн туох дии саныыгыный?
— Тыгын Дархан үһүйээннэргэ баар историческай личность. Кинини ардыгар бухатыыр курдук ойуулууллар. Бырааттарын кытта Табаҕа сыырыгар туран кэпсэтэр эҥин диэн. Ол эрэн марксистскай формациялар туһунан теорияҕа тайаннахха, биллэн турар, ити кэмҥэ өбүгэлэрбит аҕа уустарынан түмсүү, “территориально-племенные объединения” диэн таһымҥа тиийэн олороллор. Ол аата биир-икки хардыынан судаарыстыба курдук холбоһууга чугаһаан олорбуттар. Ити кэмҥэ нуучча хаһаактара кэлэн ити хамсааһыны өссө түргэтэтэн биэрэллэр. «Якут-саха такого-то рода» диэн түһээн кинигэтигэр суруйаллар. Инньэ гынан, сахалар түмсэн киирэн бараллар.
— Оччоҕуна омук (нация) быһыытынан сахалар эдэр норуоппут дуо? Урут боотулуулар, малдьаҕардар, наахаралар диэн биис ууһунан арахса олорбут дьон, нууччалар кэлиэхтэриттэн бэттэх холбоспут, ону ааһан, бэттэх таттахха, 20-с сылларга сахабын диэн билиммитэ буолбута дуо?
— Бу киэҥ боппуруос. Археологтар хаһан, чинчийэн булбуттарынан ынах сүөһүнү иитэр биис уустар бу диэки 10-с үйэҕэ үөскээбиттэр. Ол аата туттар үгэстэринэн сылыктаан биһиги өбүгэлэрбит тыһыынча сыл анараа өттүгэр манна баар буолбуттар. Онтон тылы үөрэтэн бардахха, олоҥхоттон билиини хостоотоххо, саха омук устуоруйата өссө дириҥээн киирэн барар. Араас ыраах дойдулар кыыллара, сирдэрин-уоттарын ааттара, өйдөбүллэрэ тылбытыгар иҥэн кэлбитинэн түҥ былыргы норуот буолан тахсабыт. Оттон сурукка киирбиппитинэн 390 сыл анараа өттүгэр эрэ докумуоннаммыт омук буолабыт. Устуоруктар итини барытын холбуу сатыыбыт.
Билигин устуоруйа наукатын сайдарын туһугар элбэх археологическай чинчийиилэри ыытыахтаахпыт. Фольклор, үһүйээн өттүттэн билии элбэх, оттон материальнай култуура дакаастабыла аҕыйах. Холобур, билигин баара-суоҕа 300-тэн тахса эрэ 10 үйэттэн 18 үйэҕэ диэри көмүүлэр чинчийиллэн тураллар.
Улуус дьаһалталарыгар туһаайан этиэм этэ – археологтары ыҥырыҥ, өйөбүл буолуҥ, дойду аайы устуоруйаны дириҥэтэн билиэҕиҥ, дакаастабыллары булуоҕуҥ.
Улуус улуус тус-туһунан туттуулаах, үгэстээх, оттон 400-500 сыл анараа өттүгэр ол арыттара өссө дириҥ буолара саарбаҕа суох. Ону булан, үөрэтэн бардахха хас биирдии улуус, нууччалыы эттэххэ, бэйэтин “идентичноһын” таба тайаныа этэ. Бэйэтин устуоруйатын, өбүгэлэрин биллэҕинэ саха омук өссө бөҕөргүө. Судаарыстыбаннаспыт манна, биһиги сахабыт дииргэ эмиэ үстүрүмүөн буолар. Таһымнаах, сайдыылаах биир норуоппут диэн дьону өйдөтүөхтээхпит.
Элбэх омук сомоҕолоһуута
— Манна даҕатан эйигиттэн биири ыйытыым – Арассыыйа араас итэҕэллээх, үгэстээх омуктары биир эйэлээх түмсүүгэ хайдах муспута буолуой? Историк быһыытынан итини хайдах быһаарыаҥ этэй?
— Элбэх сабыдыал баар, биир эрэ буолбат. Холобур, православнай итэҕэл биир төһүү күүс буолбута. Ити тус-туспа олорбут славянскай биис-уустары түмпүт күүс буолар. Онтон Иван Грознай саҕаттан бу итэҕэли атын омуктары холбуурга туһаналлар. Оннооҕор Саха сиригэр кэлэн баран ити итэҕэли киллэрэн барбыттара. 17-с үйэттэн сахалыы тылбаастаммыт таҥара кинигэлэрэ баар буолбуттара туоһулуур.
Иккис норуоту сомоҕолооччу нуучча тыла буолбута. Били, Конституциябытын бөҕөргөтөргө биир айдааннаах боппуруоһа – “язык государствообразующего народа” диэн баара дии. Арассыыйа үрдүнэн араас омуктар кэпсэтэр тылбыт нуучча тыла буоллаҕа дии, ол аата биһиги бары бу судаарыстыбабытын тутан олорор дьон буолабыт. Оттон сахалыы саҥарар, кэпсэтэр буоллахха саха судаарыстыбаннаһын эмиэ тутан олоробут диэххэ сөп.
Тыл сахаларга өссө үрдүк таһымҥа тахсарга күүстээх үстүрүмүөн. Нуучча тыла алааскыттан цивилизация таһымыгар таһаарар, дойдубут иһинэн сайдарга кыах-күүс эбэр. Оттон английскай тылы үөрэттэххэ, аан дойду таһымыгар тахсаҕын.
— Соторутааҕыта Илиҥҥи форумҥа кыттан кэлбиккин билэбин. Атын эрэгийиэн бэрэстэбиитэллэрэ тугу ыйыталлар эбитий?
— Сонургууллара элбэх. Биһиги истиэндэбит бэрт сиэдэрэй оҥоһуулаах буолан элбэх дьон болҕомтотун тарта. Ыһыахтан саҕалаан саха соботугар тиийэ ыйыталаһаллар, сэҥээрэллэр. Итэҕэлбитин, култуурабытын хайдах чөл хаалларбыппытын ыйыталлар.
“Сахалар өрөспүүбүлүкэ статускут тугу биэрэрий, туох суолталааҕый?” диэн ыйыталаспыттара. “Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 90-с сылларга федеративнай дуогабар баттаһан Арассыыйа Федерацията тыыннаах хаалбыта” диэн хоруйдаабыппар үгүстэр соһуйа истибиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэ статуһа Москуба бэлиитикэтигэр кыттыһан, федеральнай бырагыраамалар нөҥүө сайдарбытыгар туһалыыр. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Арассыыйаҕа улахан суолталаах, сайдыыбытын түстүүр сир буолар.
— Аны аан дойдуга буола турар уларыйыылары таарыйан ылыах. Билигин Арҕаа диэки “аан сабыллан” Илин диэки алтыһыы сайдыыта баран эрэр. Ити тугу аҕалыай, туох сабыдыаллаах буолуон сөбүй?
— Форум кэмигэр кэпсэтэн көрбүппүнэн, Уһук Илин эрэгийиэннэрэ, бу уларыйыыны санаа көтөҕүүлээх күүтэ олороллор. Хамсык тарҕаныыта уостан Кытай кыраныыссата арылларын Владивосток, Хабаровскай, Благовещенскай күүтэн олороллор, харчы бу диэки хамсыаҕа диэн. Аан дойдуга 200-тэн тахса дойду баар, АХШ уонна Европа холбоһуга эрэ буолбатах. Онон атын омуктары кытта икки өттүттэн барыстаах алтыһыы баар буолуоҕа. Холобур, Кытай эрэ буолбакка, Индия эмиэ кэтэһэн олорор, кыраныысса аһыллыытын. Уһук Илин сирин баайа, атын ресурсалара элбэх, онон сайдыы барара күүтүллэр. Ону таһынан Арктикаҕа интэриэс күүһүрэн иһэр. Ити икки сүүрээн Саха сиригэр көнөтүнэн сыһыаннаахтар. Арктиканы баһыйыы кыһалҕатын туһунан эттэххэ, экэниэмикэ эрэ буолбакка, бэлиитикэ интэриэһэ улахан. Бэлиитикэ интэриэһэ баар буоллаҕына киһи өйүгэр баппат сөҕүмэр суумалаах үп-харчы хамсаан барыаҕа. Ону кыайан туһаныах, уйунуох тустаахпыт. Ол туһугар үөрэхтээх буолуохпутун наада.
— Үөрэниҥ диириҥ кырдьык оруннаах. Хата үөрэх эйгэтин киһитэ эт эрэ – билиҥҥи ыччаты хайдах сыаналыыгын, төһө үчүгэй көлүөнэ үүнэн эрэрий? Өйдөрө-санаалара ханнык таһымнааҕый?
— Саха ыччата кэскиллээх. Үөрэтэр устудьуоннарбын астына көрөбүн. Биһигиттэн атын көрүүлээх, толкуйдаах дьон. Ордук киһини сөхтөрөр дьоҕурдара, элбэх информацияны түргэнник уйунар кыахтара. Уон сыл анараа өттүгэр бүтүн бырагыраама диэн бэлэмнээбит билиигин биир паара иһигэр ылынар, өйдүүр кыахтаахтар. Биир астынарым – билиҥҥи оҕолор университет үөрэҕин үстүрүмүөн быһыытынан көрөллөр. Ол эбэтэр, бу ылбыт билиилэрэ кэлэр олохторугар хайдах туһаны аҕалыан сөбүн өйдөөн кэлэллэр. Урукку курдук, “кылаабынайа үрдүк үөрэх эрэ буоллун!” диэн сыһыан улам кыччаан иһэр. Ыччат тоҕо уонна ханнык үөрэххэ туттарсарын билэр, туох туһаны ыларын өйдөөн, кэлэр кэскилин былаанныыр. Бу аныгылыы үөрэххэ сыһыан олус үчүгэй дии саныыбын. Оттон биһиги, гуманитарнай үөрэҕи биэрээччилэр, кини тус бэйэтин туһата, хайдах норуокка туһалаах буолуон сөбүн өйдөтүөх, салайыах тустаахпыт.
— Кэпсэтииҥ иһин улахан махтал, Айтал Игоревич.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: