Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Share

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ Анна Степановна Хабарова-Айталы «Быралыйа Буура бухатыыр сыдьаана Өнүгүйэ Күн Өркөн бухатыыр» иккис кинигэтэ бэчээттэн тахсыбыт үөрүүтүн биһирэмэ Нам Култууратын дыбарыаһын иһигэр үлэлиир Н. М. Рыкунов аатынан Киин бибилэтиэкэҕэ буолан ааста.

Айар-суруйар дьоҕурдаах, талааннаах, олус сэмэй Анна Степановнаны хас да литературнай түмсүү ис сүрэхтэн эҕэрдэлээтэ. Кинилэр сэмэй бэлэхтэрин туттаран, талааннаах суруйуулара эбиллэн иһэригэр баҕа санааларын эттилэр, бэйэтигэр уонна дьиэ кэргэнигэр үтүөнү баҕардылар.
«Айар Кут сойуус» эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ кэпсээнньиттэрин уонна хоһоонньуттарын түмсүүтүн аатыттан салайааччы Зоя Кэкэрдэ эҕэрдэ суругу уонна бэлэҕи туттарда, Валентина Яковлева-Чэлгийээнэ, Прасковья Тумусова-Туску Анна Степановна хоһооннорун аахтылар, эҕэрдэлээн үтүө баҕаларын эттилэр. Кэкэрдэ Зоя бэйэтэ айбыт ырыатынан түмүктээтилэр.
Салгыы «Ситим» сойуус түмсүүттэн Евдокия Уварова-Чуохаана эҕэрдэтин тириэртэ. Ону таһынан «Айар дорҕооннор» «Амма долгуннара», «Остуоруйа эйгэтэ», «Отуу уота» түмсүүлэр салайааччылара иһирэх эҕэрдэлэрин эттилэр.
Нам улууһун мелодист-ырыаһыттара Елена Ильина-Намчы, Аскалон Егоров, Николай Протопопов элбэх ырыанан киэргэттилэр.
Түмүккэ астаах остуол тула олорон, түмсүүлэр үлэлэрин туһунан кэпсэтиигэ «Айар Кут сойуус» салайааччыта Зоя Никандровна-Кэкэрдэ доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору кытары үлэҕэ ылсан, кинилэргэ саха литературатын билиһиннэрэн, оҕоҕо аналлаах кинигэлэринэн хааччыйан, билиини-көрүүнү биэрэргэ «Харысхал» пуонданы кытары үлэлэһэргэ бэйэтин бырайыагын суруйан көмүскээбитин, ол кэннэ сэминээр буолбутун туһунан кэпсээтэ.
Билигин оҕоҕо аналлаах айымньылары элбэтэн уонна түмэн «Харысхал» үлэтигэр кыттыһарга айар куттаахтары биир хамаанда буолан, биир санаанан үлэлииргэ ыҥырда.

КЭКЭРДЭ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

57 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

6 часов ago