Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ олохтоох ааптар Олесова А.Н. – Айталыына «Тахсар күнүм сарыала…» хоһооннорун хомуурунньугун сүрэхтэниитэ буолла.
«Сыккыс» литературнай түмсүү салайааччыта, СӨ социальнай сулууспатын туйгуна Айталина Николаевна Олесова – Айталыына «Тахсар күнүм сарыала…» үбүлүөйдээх бэлиэ сылыгар иккис кинигэтин сүрэхтэниитэ П.Д.Аввакумов аатынан киин бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар олус сэргэхтик ыытылынна.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр республикабыт араас муннуктарыттан айар дьон кэлэн кыттыыны ыллылар: Дьокуускай куораттан С.Иванова — Санаара, ырыаһыт, мелодист, СӨ культуратын туйгуна, СӨ ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ К.Мохначевскай – Саһарҕа, Сунтаар улууһуттан «Ньургуһун» литературнай түмсүү кыттыылааҕа Е.Антонова – Күн Сиккиэрэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан «Таммахтар» литературнай холбоһук уонна республикатааҕы «Иэйии» уһуйаан иитээччитэ И.Николаева – Угинка.
Кинигэ Юлия Данилова редакциятынан Дьокууускай куоракка «Дани-Алмас» издательствотыгар 100 экземлярынан бэчээттэнэн тахсыбыт. Бу ааптар олоҕун орто омурҕанынан кэрэһэлиир хомуурунньуга буолар. Айталыына хоһоонноругар оҕо, эдэр саас ахтылҕана, дьахтар анала, олохтон, үлэттэн дуоһуйуу, айылҕа кэрэ көстүүтүгэр, олоххо таптал, толкуй хомуллубуттар.
Көрсүһүүгэ кыттыыны ылбыт ыалдьыттары кытта истиҥ, иһирэх кэпсэтии тэрилиннэ. Ааптар Айталыына хоһооннорун «Сыккыс» литературнай түмсүү кыттыылаахтара аахтылар. Поэт, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ бэчээтин туйгуна Р.Платонов, Айталыына учуутала, СӨ үөрэҕин тиһигин Бочуоттаах бэтэрээнэ, РСФСР уонна ССРС норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үтүөлээх учуутала В.Николаев ааптар хоһооннорунан ис хоһоонноох ырытыылары оҥорбуттара дьон болҕомтотун тарта. Ырыаһыт, мелодист Константин Мохначевскай -Саһарҕа, Нина Сутакова-Айылҕаана, Василина Черепанова, Федора Сергеева, Дария Алексеева ыллаан-туойан биэчэри киэргэттилэр. Айталыына тылларыгар матыыптаммыт ырыалар ылланнылар. Айталыынаҕа элбэх эҕэрдэ, үтүө санаалар этилиннилэр.
Айталина Санникова,
Горнай, Бэрдьигэстээх
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников салайааччылаах бөлөх байыаннай дьайыы зонатыгар тиийэн, биир дойдулаахтарын…
"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…
Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…
Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…
“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…
Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн…