Салгыы
Айтыына Уран айар үлэтигэр — саҥа сүүрээн

Айтыына Уран айар үлэтигэр — саҥа сүүрээн

27.11.2023, 10:00
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын, СӨ Ырыа айааччыларын сойуустарын чилиэнэ, Хаҥалас улууһун уран тарбахтаах норуот маастара, Күөрдэм нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Галина Иванова-Айтыына Уран  «Үөрүөх, бу баар олохтон…»  диэн хоһооннорун хомуурунньуга Брайль шрибинэн тахсыбытынан үөрүүлээх тэрээһин  Национальнай бибилэтиэкэҕэ ыытылынна. 

Галина Иванова  2018 сыллаахха тахсыбыт  «Үөрүөх, бу баар олохтон…»  хоһоонун хомуурунньугар оҕо саас сырдык ахтылҕана, оскуола, эдэр саас кэмнэрэ, таптал иэйиитэ, ону сэргэ үлэни өрө тутар, олоҕу туойар, айылҕа кэрэтин хоһуйар уонна анабыл хоһооннор киирбиттэрэ.

Кинигэни Брайль шрибигэр педагогическай наука хандьытаата, ХИФУ инклюзивнай үөрэхтээһин сайдыытыгар Хотугулуу-Илиҥҥи научнай-инновационнай киин дириэктэрэ Пантелеймон Егоров көһөрбүт.


Брайль шрибинэн тахсыбыт хомуурунньук мөлтөхтүк көрөр уонна көрбөт ааҕааччыларга ананан таҕыста, анал шрифкэ көһөрүгэр киэбэ улаатан, уопсайа 140 сирэйдээх буолбут.
Саҥа сүрэхтэммит Брайль-кинигэни  СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр  уонна Өрөспөбүүлүкэтээҕи көрбөттөр уонна мөлтөхтүк көрөр оҕолор оскуола-интэринээттэригэр туттарыахтара. Ону туоһулуур сөбүлэҥҥэ СӨ Национальнай бибилэтикэтин дириэктэрин солбуйааччы  Светлана Попова уонна ХИФУ инклюзивнай үөрэхтээһин сайдыытыгар Хотугулуу-Илиҥҥи научнай-инновационнай киин дириэктэрэ Пантелеймон Егоров илии баттаатылар.


«Мөлтөхтүк көрөр уопсастыба үчүгэй литературанан, сахалыы айымньыларынан хааччыллыбакка турар. Кэлэр күһүҥҥүттэн  оҕолор сахалыы үөрэнэр кыахтаннылар диэн үөрүүлээх сонуну истибитим. Галина Ивановна курдук айымньылаахтык үлэлиир, үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйар дьон баалларын тухары оҕо дьылҕата этэҥҥэ салаллан иһиэҕэр эрэнэбин. Кинилэр эн хоһоонноргун ааҕаннар үтүөҕэ тардыстыннар», — диэн суруналыыс, суруйааччы Евдокия Иринцеева-Огдо Айтыына Уран хоһоонноро өссө нууччалыы тылбаастанан тахсалларыгар баҕа санаатын тириэртэ.

Айтыына Ураны оҕо суруйааччытынан билинэллэр. Суруйааччы эрэ барыта оҕо интэриэһин тардыбат. Онтон Галина Ивановна педагог идэлээҕэ уонна оҕо тэрилтэтигэр өр үлэлээбитэ кырачааннары кытары биир тылы буларга, саха тылын сүмэтин иҥэрэргэ көмө уонна тирэх буоларын бэлиэтээтилэр.

Бүгүҥҥү күн «буруйдааҕын» Хаҥалас улууһун 2-с Дьөппөн баһылыга Александр Николаевич Константинов, учуутал Галина Захаровна Скрябина, суруйааччылар, биир дойдулаахтара, «Иэйии» литературнай түмсүүттэн, дьүөгэлэрэ, кини талааныгар сүгүрүйээччилэр уо.д.а. истиҥ эҕэрдэлэрин тириэртилэр.

Галина Захаровна Айтыына Уран Брайль шрибигэр көһөрүү курдук сонун үлэҕэ эмиэ бэйэтэ ураты киһи буолан ылсыспытын, кини оскуола эрдэҕиттэн барытыгар көхтөөҕүн, талааннааҕын, ити барыта иитииттэн улахан тутулуктааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Бу күн Айтыына Уран нарын-намчы хоһонноругар суруллубут ырыалары дьүөгэлэрэ, ырыаһыттар Намыына, Марианна уо.д.а. гитара доҕуһуолунан ыллаан эҕэрдэлээтилэр.
Айтыына Уран кинигэлэрэ, аныгылыы үйэ сиэринэн сыыппараҕа көһөрүллэн, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин уонна Хаҥалас улууһун электроннай бибилэтиэкэлэрин пуондатыгар киллэриллэн, хас биирдии ааҕааччыга тиийиэхтэрэ.

Галина Иванова-Айтыына Уран хоһоонноро 2015 сылтан өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, «Чолбон», «Күрүлгэн», «Чуораанчык» сурунаалларга, «Өлүөнэ очуостара» хомуурунньукка бэчээттэнэн саҕаламмыттара.Хомоҕой хоһоонноро ырыа буолан көтөллөр. Айтыына — төрөөбүт Хаҥалаһын улууһугар эбии үөрэхтээһин, 2-с Дьөппөн оскуолатын үөрэнээччилэрин, Тумул нэһилиэгин, култуура үлэһиттэрин гииминнэрин тылларын уонна муусукаларын ааптардара.

Галина Ивановна дэгиттэр талааннаах. Кини ис дууһатын кистэлэҥин ааҕааччыга нарыннык, намчытык, иһирэхтик арыйар уратылаах. Онуоха дьүөрэлээх матыыптары айан, кэрэчээн куолаһынан толорон көрөөччүгэ тириэрдэр. Оҕолорго аналлаах хоһооннорунан кырачааннарбыт саха тылын таптыылларыгар, ис куттарыгар иҥэринэллэригэр ис сүрэхтэн дьаныһан үлэлиир, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах араас куонкурустары тэрийэр. Кини хоһооннорунан ыытыллыбыт куонкуруска оҕолор кыттан, хоһоон ааҕан чоргуйалларын бүгүҥҥү тэрээһин кыттыылаахтарыгар видеонан көрдөнөн, кэлбит эрэ киһи кинилэри кытта тэҥҥэ үөрдэ, сэргэхсийдэ.

Кини айар үлэ абылаҥар бүтүннүү ылларан, саҥаттан саҥа бырайыактары толкуйдуур, үлэтинэн-хамнаһынан төрөөбүт нэһилиэгин уонна улууһун өрөспүүбүлүкэҕэ аатырдар. Балаҕан ыйыгар Дьөппөн нэһилиэгэр көҕүлээн, тэрийэн ыыппыт “Күөрдэм көмүс күһүнүгэр” биир идэлээхтэрэ, доҕотторо, дьүөгэлэрэ, кини талааныгар сүгүрүйээччилэр кэлэн кыттыспыттара, өйөөбүттэрэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: