Аахсыйаҕа түбэһиннэрэн, ааспыт бэнидиэнньиккэ Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлгэ худуоһунньук Иван Айвазовскай уонна да атын маринист-худуоһунньуктар быыстапкаларыгар сырыттым. От ыйын 8 күнүттэн «Морской понедельник» аахсыйа чэрчитинэн, хас бэнидиэнньик ахсын билиэт сыаната улахан дьоҥҥо 50% чэпчээн, 500 солкуобай буолбут.
Атын күннэргэ биэнсийэлээхтэргэ, элбэх оҕолоохторго, устудьуоннарга, уо.д.а. эмиэ чэпчэтиилэр бааллар. Эрдэттэн суруйтаран, экскурсоводы сакаастыахха сөп, онно эбии төлүүгүн. Киэһэлик сорох чааска 5-тэн элбэх киһи муһуннаҕына, экскурсовод босхо кэпсиир эбит. Ону каассаттан ыйыталаһан, билиэххэ сөп.
Биллэн турар, экскурсиялаах сылдьар быдан ордук, күдээринэ көрөн кэбиспэккэ, кылгас кэм иһигэр быдан элбэҕи билэҕин. Экскурсовод худуоһунньуктар олохторун, интэриэһинэй түгэннэрин, бу хартыынаны хаһан, хайдах суруйбуттарын, хартыына ис хоһоонун, кистэлэҥин, о.д.а. кэпсиир. Төлөпүөн камерата кыайан түһэрбэт, сыныйан, илэ көрөр быдан ордук.
Улуу худуоһунньук Иван Айвазовскай омугунан армянин эбитин, урут Айвазян диэн араспаанньалааҕын саҥа биллим. Кини үйэтин тухары 6 тыһыынчаттан тахса хартыынаны уруһуйдаабыт. Оҕо эрдэҕинэ, дьадаҥы дьонноох буолан, кумааҕыны, кыраасканы булбакка, таас истиэнэҕэ чоҕунан уруһуйдуур эбит. Кини талаанын үтүө дьон таба көрөн, үөрэттэрбиттэр.
Быыстапкаҕа барыта 30 хартыына — Айвазовскай 19 хартыыната уонна XIX үйэ маринистарын (муораны уруһуйдуур худуоһунньуктар) 11 хартыыналара көрдөрүүгэ тураллар. Бу 29 хартыынаны Судаарыстыбаннай Нуучча түмэлин пуондатыттан аҕалбыттара. 1 хартыына Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэл пуондатыттан турар. Бу хартыына сүппүтүнэн ааҕыллыбыт эбит, бөххө бырахпыттарын, алҕас булан ылбыттар.
Хартыыналар олус улахаттар — 2х3 миэтэрэлээхтэр бааллар. Маннык улахан хартыыналары ылбычча киһи уруһуйдаабат. Улуу худуоһунньук киистэтин суола да көстүбэт, кыра да дэтээл ымпыгар-чымпыгар тиийэ уруһуйдуур эбит. Биллэн турар, өҥ-дьүһүн дьүөрэлэһиитин, уу үрдэ дьэрэлийэрин, ис-иһиттэн сырдыырын, күн, ый уотун, о.д.а. олус табан уруһуйдуур буолан, бар дьон баччааҥҥа диэри кини талааныгар сүгүрүйэр буоллаҕа. Кини үлэлэрэ — киһи-аймах ускуустубатын кылаан чыпчаала.
Бу быыстапканы аҕалар туһунан кэпсэтии эрдэттэн барбыта. Ил Дархан Айсен Николаев олунньуга Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэл генеральнай дириэктэрэ Влада Тимофееваны кытта көрсөрүгэр Айвазовскай быыстапкатын аҕалыы, тиэйии ымпыктарын, улахан бырайыактар тустарынан кэпсэппиттэрэ.
Маннык улахан уонна сыаналаах хартыыналары аҕалыы, сөпкө харайыы улахан үлэни эрэйэр. Холобур, интэриниэккэ көрдөххө, Айвазовскай хартыыналара хас биирдиилэрэ 1-2 мөлүйүөн солкуобай сыаналаахтар. Оттон «Лунная ночь» диэн аатырбыт хартыынатын 92 мөлүйүөн солкуобайга атыыласпыттара. «Вид Константинополя и Босфора» хартыынатын аукциоҥҥа 4 мөлүйүөн дуолларга атыылаабыттара. Сыл-хонук аастаҕын аайы, сыаната өссө үрдээн иһиэҕэ.
Быыстапка Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ананар. Бырайыак чэрчитинэн, интэриэһинэй тиэмэлээх экскурсиялар, маастар-кылаастар буолаллар. СӨ бырабыыталыстыбатын былааннаах үлэтинэн, 2023 сыллаахха Дьокуускайга нуучча улуу худуоһунньуга Иван Шишкин быыстапката уонна Эрмитаж күннэрэ буолбуттара. Бу Саха сирин олохтоохторугар киин куораттарга бара сатаабакка, ускуустуба улуу диэйэтэллэрин үлэлэрин көрөр кыаҕы биэрэр.
Айвазовскай быыстапката балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри туруоҕа. Онон оҕолоргутун илдьэ, кэрэ эйгэтигэр сыһыарар сыаллаах, сылдьаргытыгар ыҥырабыт.
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…