Айыл Дьулурҕа: «Александр Колесов РФ Дьоруойа буолбута барыбыт үөрүүбүт»

Айыл Дьулурҕа: «Александр Колесов РФ Дьоруойа буолбута барыбыт үөрүүбүт»

27.04.2023, 18:53
Бөлөххө киир:

Бүгүн, муус устар 27 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев «Триумф» уораҕайыгар Өрөспүүбүлүкэ күнүн үөрүүлээх тэрээһинигэр , «Боотур» этэрээт хамандыыра Александр Колесовка Арассыыйа Дьоруойа  үрдүк аат  иҥэриллибитин туһунан иһитиннэрдэ.

Уопсастыбаннык, «Якутия с тобой» хамсааһын салайааччыта Айыл Дьулурҕа бу үөрүүлээх сонуну истэн санаатын үллэһиннэ:

— Бу үөрүүлээх сонунтан үөрдүм, киэн тутта санаатым. Биир дойдулаахтарбыт, саха дьоно маннык дьоруойдуу быһыыны оҥороллоро үрдүктүк сыаналаныахтаах. Биһиэхэ, өрөспүүбүлүкэҕэ Аҕа дойду сэриитин саҕаттан дьоруой, хорсун санаалаах дьон элбэх этэ. Баҕардар олортон үгүстэрэ наҕараадаламматах да буоллуннар, кинилэр хорсун быһыылара — дьоруойдуу быһыы буолар. Александр Колесовы тус бэйэм билэбин. Киһи быһыытынан олус сэмэй, элбэх саҥата-иҥэтэ суох киһи диэн сыаналыыбын. Ону сэргэ кини олус күүстээх тыыллаах, өйөбүлэ кини кэргэнэ Туйаара Валерьевна буолар. Туйаара Валерьевналыын үлэбит сүнньэ, оҥорор дьыалабыт барыта биир суолталаах, олус үчүгэй тэрийээччи, дьаһаллаах. Түгэнинэн туһанан, Александрга эҕэрдэбин тиэрдэбин. Кини Дьоруой үрдүк аатын ылыыта бүтүн өрөспүүбүлүкэ, дойду киэн туттуута диэн этиэххэ сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 6°C
  • Ощущается: 3°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: